Хаартыска: Елена Потоцкая түһэриитэ.
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар.
Бу тэрээһин олохтоох оҥорон таһаарыынан дьарыктанар тэрилтэлэргэ уонна биирдиилээн урбаанньыттарга ситиһиллибит таһымы өссө тупсарар кыаҕы биэрэр.
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов бэлиэтээбитинэн, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыттааччыларын ахсаана сыл аайы элбиирэ кэрэхсэбиллээх.
«Билиҥҥи кэмҥэ урбаанньыттар оҥорон таһаарар бородууксуйаларыгар бэйэ табаарын бигэргэтэр патеннаах, анал докумуоннаах буолуохтарын наада. Бу туһунан бу күннэргэ буолан ааспыт Сыыппара пуорумугар дьүүллэстибит«, — диэн эттэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.
«Саха сирин 100 бастыҥ бородууксуйата» куонкурус атыылаһааччылар итэҕэллэрин бөҕөргөтөр, ирдэбил үрдээһинигэр көмөлөһөр.
Куонкурус ас бородууксуйатыгар, нэһилиэнньэҕэ анаан оҥоһуллар промышленнай табаардарга, норуот уонна уус-уран оҥоһуктарыгар, араас өҥөнү оҥорууга туһаайылынна.
Амма улууһуттан Георгий уонна Майя Олесовтар “Амма бурдуга” диэн бородууксуйалара “Саха сирин 100 бастыҥ бородууксуйата” куонкурус кыайыылаахтарынан буоллулар. Олесовтар бэйэлэрэ маҕаһыыннаахтар, эргиэн кииннээхтэр. Георгий Олесов төрүт уус буолан, эмиэ бэйэтин талаанынан сайдар Амма биир ситиһиилээх урбаанньыттарыттан биирдэстэрэ.
Биэс оҕолоох дьоллоох дьиэ кэргэн ийэтэ Майя Олесова: “Бу биһиги тус бэйэбит эрэ ситиһиибит буолбатах. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэр кэммитигэр Амма бурдугун дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарыахха диэн толкуйунан, биһиэхэ улууспут салалтата, тыа хаһаайыстыбатын управлениета, урбаанньыт доҕотторбут бары көмөлөспүттэрэ. Кинилэргэ, түгэнинэн туһанан, улахан махталбын тиэрдэбин. Сыахпытын улаатыннаран, бурдук оҥорон таһаарар тэрилтэҕэ тиийэ уларыттыбыт. Ол эбэтэр сэлиэһинэйи куурдан, мэһийэн, сиидэлээн, бэйэбит сиир бурдугу оҥорон таһаарабыт. Билигин Саха сирин брендин ахсааныгар киирдибит”,- диэн санаатын үллэһиннэ.
Быйыл Аммаҕа ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар «Амма бурдуга» бородууксуйа күннээбитэ диэххэ сөп. Сэлиэһинэйтэн оҥоһуллубут саһарчы буспут алаадьы минньигэс амтанын үгүспүт күн бүгүнүгэр диэри умнубаппыт. Онон «Амма бурдуга» олохтоох бородууксуйа Саха сирин 100 бастыҥ табаарынан буолбутунан эҕэрдэлиибит. «Амма бурдугун» аны Москва быыстапката күүтэр!
Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга сылын аайы ыытыллар Кыайыы Оһуокайа үрдүк таһымнаахтык буолла. Быйыл…
Саха сиригэр Мэҥэ Хаҥаласка уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар сүппүт эр дьону көрдүүллэр. Ааспыт сууккаҕа атын оройуоннарга…
Арассыыйа Дьоруойа Андрей Григорьев Москваҕа Кыайыы параадыгар кытынна. Кини ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан олорорун "Бастакы" ханаалга…
Ыам ыйын 5 күнүгэр, Пушкин аатынан киин библитиэкэҕэ Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕыттан төрүттээх, билигин Нам Түбэтигэр…
Таатта улууһун киинигэр Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө "Кыайыы көтөллөөх буойун учууталлар көмүс уруоктара"…
edersaas.ru саайт 2020 сыллаах архыыбыттан. Кыайыы 75 сылынан эһээм кэпсээниттэн тугу өйдөөн хаалбыппын суруйарга быһаарынным.…