Амма олохтооҕо киһини өлөрүүгэ буруйдааҕа билиннэ

Share

СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтин отдела хомуйбут матырыйаалларынан,  бириигэбэри таһаарыыга 53 саастаах Болугур сэлиэнньэтин олохтооҕо киһини өлөрүүгэ буруйдааҕа дакаастанна  (РФ Холуобунай Кодексатын 1 ч. 105 ыст.).

Бу туһунан СӨ силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата биллэрдэ. Силиэдэбэтэл уонна суут быһаарбыттарынан, 2023 сыл ахсынньытыгар буруйданааччы доҕорун кытта дьиэтигэр арыгы иһэн баран, икки ардыларыгар иирсээн тахсыбыт. Охсуһуу кэмигэр буруйдаах куукуна быһаҕын сулбу тардан ылан, эмсэҕэлээччини түөскэ охсубут. Быһах сүрүн тымырын курдат ааһан, сүрэҕин таарыйбыт. Эр киһи быһылаан буолбут миэстэтигэр тутанына суорума суолламмыт. Ити кэннэ буруйданааччы буолбут быһылаан туһунан ыаллыы олорор дьонугар кэпсээбитигэр, кинилэр суһаллык полицияҕа тыллаабыттар.

Хаартыска: СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата

Силиэстийэлиир дьыалаларга уонна буруйдуур бириигэбэргэ олоҕуран, буруйдаах киһини өлөрбүт дакаастабылларын хомуйдулар. Суут бириигэбэринэн буруйданааччы кытаанах эрэһиимнээх холуонньаҕа 8 сылга диэри көҥүлэ быһылынна.

Хаартыска: СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спсаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

35 секунд ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

20 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

48 минут ago
  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

2 часа ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

2 часа ago