Амма олохтооҕо киһини өлөрүүгэ буруйдааҕа билиннэ
СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтин отдела хомуйбут матырыйаалларынан, бириигэбэри таһаарыыга 53 саастаах Болугур сэлиэнньэтин олохтооҕо киһини өлөрүүгэ буруйдааҕа дакаастанна (РФ Холуобунай Кодексатын 1 ч. 105 ыст.).
Бу туһунан СӨ силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата биллэрдэ. Силиэдэбэтэл уонна суут быһаарбыттарынан, 2023 сыл ахсынньытыгар буруйданааччы доҕорун кытта дьиэтигэр арыгы иһэн баран, икки ардыларыгар иирсээн тахсыбыт. Охсуһуу кэмигэр буруйдаах куукуна быһаҕын сулбу тардан ылан, эмсэҕэлээччини түөскэ охсубут. Быһах сүрүн тымырын курдат ааһан, сүрэҕин таарыйбыт. Эр киһи быһылаан буолбут миэстэтигэр тутанына суорума суолламмыт. Ити кэннэ буруйданааччы буолбут быһылаан туһунан ыаллыы олорор дьонугар кэпсээбитигэр, кинилэр суһаллык полицияҕа тыллаабыттар.
Силиэстийэлиир дьыалаларга уонна буруйдуур бириигэбэргэ олоҕуран, буруйдаах киһини өлөрбүт дакаастабылларын хомуйдулар. Суут бириигэбэринэн буруйданааччы кытаанах эрэһиимнээх холуонньаҕа 8 сылга диэри көҥүлэ быһылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: