Амма улууһун Болугур оскуолата сахалыы тыыннаах

Share

СӨ судаарыстыбаннай былааһын ситэриилээх уорганын отчуоттуур бөлөҕүн кытта Амма улууһун Болугуругар тиийэ сылдьан, нэһилиэк оскуолатыгар киирэн тахсыбыппыт. Тус бэйэм оскуола сылаас тыыннааҕын таһынан, өссө сахалыы эйгэлээҕин тута биһирии көрбүтүм. Ол эрээри, быыс булан ситэ хаартыскаҕа түһэрбэтэҕим, үлэһиттэри кытта кэпсэппэтэҕим.

Командировкаттан кэлэн баран Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн дэкээдэтин иитинэн, сонуна сойо илигинэ сырыһыннаран, оскуола үлэһиттэрин нүөмэрдэрин булан төлөпүөннүү сырыттым. Дириэктэри солбуйааччы Марина Антипина: “Оскуолабыт 2000 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Иллэрээ сыл федеральнай бырагыраамаҕа хапсан, уопсайа, 49 мөл. солк. суумалаах хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыта. Өрөмүөннэммит оскуолаҕа былырыын киирбиппит. Успуорт саалата олоччу саҥаттан оҥоһуллубута, түннүктэр, ааннар уларыйбыттара, оскуола истиэнэтэ тэҥнэниллэн саҥардыллыбыта, оскуола үрдэ оҥоһуллубута. Дизайҥҥа үп тиийбэтэҕэ, ол иһин  бэйэбит толкуйдаан олоххо киллэрээри сылдьабыт.

Истиэндэлэри тупсарыы өссө ситэ илик. Быйылгыттан саҕалаан дьэ ситэрэ-хоторо сылдьабыт, эмиэ ити курдук сахалыы тыыннаах буолуо диэн эрэнэбит. Оскуолабытыгар баар эркин суругун быһа холуйан аҥаара сахалыы”, — диэн кэпсиир.

Болугур оскуолатыгар күн бүгүн 176 оҕо үөрэнэр. Аныгы үөрэнээччини сахалыы тылга сыһыарарга оҕо көрөн ылынара ордук көдьүүстээх диэн анаан-минээн дьарыктанар дьон үгүстүк бэлиэтииллэр. Маныаха Амма улууһун Болугур оскуолата үтүө холобуру көрдөрөр эбит диэн тус бэйэм биһирии көрдүм.

Хаартыска: М.Е. Антипина тиксэриитэ.
Хаартыска: М.Е. Антипина тиксэриитэ.
What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

9 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

2 часа ago