Амма улууһун Болугур оскуолата сахалыы тыыннаах
СӨ судаарыстыбаннай былааһын ситэриилээх уорганын отчуоттуур бөлөҕүн кытта Амма улууһун Болугуругар тиийэ сылдьан, нэһилиэк оскуолатыгар киирэн тахсыбыппыт. Тус бэйэм оскуола сылаас тыыннааҕын таһынан, өссө сахалыы эйгэлээҕин тута биһирии көрбүтүм. Ол эрээри, быыс булан ситэ хаартыскаҕа түһэрбэтэҕим, үлэһиттэри кытта кэпсэппэтэҕим.
Командировкаттан кэлэн баран Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн дэкээдэтин иитинэн, сонуна сойо илигинэ сырыһыннаран, оскуола үлэһиттэрин нүөмэрдэрин булан төлөпүөннүү сырыттым. Дириэктэри солбуйааччы Марина Антипина: “Оскуолабыт 2000 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Иллэрээ сыл федеральнай бырагыраамаҕа хапсан, уопсайа, 49 мөл. солк. суумалаах хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыта. Өрөмүөннэммит оскуолаҕа былырыын киирбиппит. Успуорт саалата олоччу саҥаттан оҥоһуллубута, түннүктэр, ааннар уларыйбыттара, оскуола истиэнэтэ тэҥнэниллэн саҥардыллыбыта, оскуола үрдэ оҥоһуллубута. Дизайҥҥа үп тиийбэтэҕэ, ол иһин бэйэбит толкуйдаан олоххо киллэрээри сылдьабыт.
Истиэндэлэри тупсарыы өссө ситэ илик. Быйылгыттан саҕалаан дьэ ситэрэ-хоторо сылдьабыт, эмиэ ити курдук сахалыы тыыннаах буолуо диэн эрэнэбит. Оскуолабытыгар баар эркин суругун быһа холуйан аҥаара сахалыы”, — диэн кэпсиир.
Болугур оскуолатыгар күн бүгүн 176 оҕо үөрэнэр. Аныгы үөрэнээччини сахалыы тылга сыһыарарга оҕо көрөн ылынара ордук көдьүүстээх диэн анаан-минээн дьарыктанар дьон үгүстүк бэлиэтииллэр. Маныаха Амма улууһун Болугур оскуолата үтүө холобуру көрдөрөр эбит диэн тус бэйэм биһирии көрдүм.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: