Аммалар социальнай бырайыактара биһирэннилэр

Share

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов аммалар көһө сылдьар дьиэтээҕи микрореабилитационнай кииннэрин үлэтин тус болҕомтотугар ылла.

Чурапчы улууһугар ыытыллыбыт «Cоциальнай эйгэ инники сайдыыта уонна соруктара» диэн илин эҥээр улуустар кыттыылаах пленарнай мунньахха Амма улууһун социальнай эйгэҕэ баһылыгы солбуйааччы Нюргуяна Илларионова улуус социальнай көмүскэлгэ ыытыллар үлэлэрин туһунан сиһилии иһитиннэриини оҥордо. Манна кини ордук чуолаан «социальнай такси», «улуус сүрүн уйулҕаһыта» уонна «дьиэтээҕи микрореабилитационнай киин» бырайыактары билиһиннэрдэ. Быйыл Амма улууһун социальнай харалтатын үлэһиттэрэ Гордеева пуондатыттан 3 мөлүйүөн 800 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх грант ылбыттарын дьон биһирии иһиттэ.

Бу тэрээһиҥҥэ Амма улууһуттан үлэлээх буолуу киин салайааччыта Лена Му Вензель, социальнай харалтата салайааччытын солбуйааччы Сахаяна Неустроева  үлэлэрин хайысхаларынан кытыннылар, уопут атастастылар.

Мунньаҕы салайан ыыппыт СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов бэлиэтээбитинэн, аммалар «микрореабилитация» бырайыагын холобур быһыытынан хайдах ыытаҕыт да, салгыы ити уопут быһыытынан атын улуустарга тарҕаныа диэн эттэ уонна бу доруобуйаларынан хааччаахтаах дьоҥҥо олус туһалаах үлэҕэ ситиһиилэри баҕарда.

Ыытыллыбыт сүбэ мунньах биир ураты хайысхатынан социальнай хантараактарга министиэристибэ, бырабыыталыстыба өттүттэн улахан болҕомто ууруллубута буолла.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

15 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр отчуокка үгүс киһи санаатын үллэһиннэ

Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыайыы знамята» Алдан улууһугар тиийдэ

Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…

2 часа ago