Аммаҕа Норуот айар талаанын дьиэтигэр быыстапкалар арылыннылар
Бүгүн, бэс ыйын 19 күнүгэр, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ, норуот маастардара, Амма улууһуттан төрүттээх Николай Рязанскай, Ньургуйаана Никифорова-Ойууна уонна Ульяна Нохсорова Ыһыах тэрээһиннэрин чэрчитинэн тус быыстапкаларын тэрийдилэр.
«Норуот маастардарыгар, худуоһунньуктарыгар Олоҥхо ыһыаҕар маннык үчүгэй бэлэҕи оҥорбуттарыгар махталбын биллэрэбин. Николай Рязанскай Олоҥхо ыһыаҕар анаан-минээн “Удьурҕай Боотур” остуоруйа-олоҥхоҕо анаан хартыыналары оҥордо. Маастар бу хартыыналарыгар 8 ыйы быһа үлэлээтэ. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, кини хартыыналара QR-куодтаахтар, ону баттаан, худуоһунньук балта Наталия Рязанская ааҕыытыгар олоҥхоттон быһа тардыылары истиэххэ сөп”, — диэн СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев иһитиннэрдэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыба Аммаҕа “Амма олоҥхоһуттара архыып докумуоннарыгар” диэн көһө сылдьар быыстапканы үлэлэттэ. Онон ыһыах кыттыылаахтара уонна ыалдьыттара Амма улууһун олоҥхоһуттара: уһулуччулаах Устин Нохсоров, Тимофей Захаров-Чээбий, Мэлэк Мэхээлэ, норуот ырыаһыта Екатерина Иванова уо.д.а. докумуоннарын, суруктарын, хаартыскаларын билсиэхтэрин сөп.
Ону сэргэ манна 5 олоҥхо: «Төлөн хара аттаах Төрүөт Бэргэн», «Куруубай хааннаах Кулун куллустуур», «Айдаан буурай бухатыыр», «Оҕо улуу Ньургун бухатыыр», «Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох» сыыппараҕа көһөрүллүбүт тиэкистэрин көрөргө, ааҕарга кыах бэриллэр.
Санатан эттэххэ, олоҥхону сыыппараҕа көһөрүү Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан оҥоһуллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: