Хаартыска СӨ Тырааныспарка министиэристибэтиттэн
«Анаабыр» эрэгийиэннэҕи массыына суолугар «Бүлүү» федеральнай айан суолуттан Мииринэй куоратыгар диэри 11 килэмиэтиртэн тахса уһуннаах хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Бу эбийиэк дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Олох-дьаһах инфраструктурата» нацбырайыагынан икки түһүмэҕинэн олоххо киирэр.
Саха сиринээҕи суол управлениета үлэлэр болдьохтон хаалбакка баралларын бигэргэттэ. Бастакы түһүмэх 7,7 км-тэн 11,6 км-гэ диэри учаастагы хабар уонна «АЛРОСА» АК МУАД бэдэрээччигинэн оҥоһуллар. Бэлэмнэнии тэрээһиннэрэ түмүктэннилэр. Ол курдук, туоруур суоллар оҥоһулуннулар, тимир гофрированнай турбалар туруорулуннулар, эргэ аспаал ыраастанна диэн СӨ Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Билигин исписэлиистэр суол аллараа араҥатын уурууну түмүктүүллэр. Онно 50 киһи уонна 21 анал тиэхиньикэ үлэлиир.
Бастакы кэрчик хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ, 4 км кэриҥэ уһуннаах суол 2027 сылга түмүктэнэрэ былааннанар. Аныгы бүрүөһүннээх саҥа аспаал суол ууруллуоҕа. Ону таһынан, оптуобус тохтобуллара, сатыы киһи хаамар суоллара, тас сырдатыы уонна суол бэлиэлэрэ саҥардыллыахтара.
11,6 килэмиэтир уһуннаах айан суола 2030 сыл бүтүүтэ толору чөлүгэр түһэриллиэҕэ уонна нуорма ирдэбиллэригэр толору сөп түбэһиэҕэ.
Бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн ааҕааччыбыт, элбэх ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, ырыаһыт Ариан Федоров үүнэр 2026 сылы көрсө…
Өспөххө "Кубок знатоков наслега" бырайыагым быйылгы оонньуута түмүктэннэ. Бу күн түөртүү киһилээх 6 хамаанда бары…
Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин, Саха сирин Бочуоттаах олохтооҕун, 101 саастаах Наум Трифонович Слепцову кэлэн…
Ыалдьыты былыр үөрэ-көтө айдааран көрсүбэттэр этэ. Хайдах киһи дьиэҕэ киирбитин дьиэлээх тойон ороҥҥо сытан тута…
Садын оройуонун (билиҥҥитэ Мииринэй) Ботуобуйа сирэ-дойдута былыр былыргыттан дьон аймах сөбүлээн олохсуйбут сирэ буолар. Олохтоохтор…
Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр "Уоттаах сэрии сылларыгар" кинигэ биһирэмэ…