Владимир Путин балаҕан ыйын 21 күнүгэр бар дьоҥҥо анал этиитин туһаайда. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Украинаҕа буола турар быһыыны учуоттаан, неонацистары уодьуганныыр, Донбасс олохтоохторун сырдык тыыннарын харыстыыр туһугар быстах хомууру (мобилизацияны) биллэрдэ.
Дойдубут аҕа баһылыга Украинаҕа буола турар анал байыаннай эпэрээссийэ туохтан уонна тоҕо саҕаламмытын өссө төгүл санатта. Украинаҕа 2014 сыллаахха күүстэринэн былааска кэлбит неонацистар хас да сыл устата Донбасс эйэлээх олохтоохторун мөрөйдөөбүттэрэ, ытыалаабыттара, баар эйэлээх сөбүлэһиини толорбокко, киэр илгэн, бэл, ядернай сэрии-сэбиргэлигэр дураһыйалларын биллэрбиттэрэ. Кэлин Крымҥа сэриинэн киирэри былааннаабыттара. Инньэ гынан, киевскэй режими уодьуганныыр сыаллаах-соруктаах анал байыаннай эпэрээссийэ туһунан быһаарыныы эрдэттэн сөпкө ылыллыбытын Владимир Путин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Бэрэсидьиэн ДНӨ, ЛНӨ, Запорожскай уонна Херсонскай уобаластар Арассыыйаҕа холбоһор туһунан референдум ыытарга быһаарыммыттарын өйүүрүн биллэрдэ уонна дьон-сэргэ санаатын көҥүл этинэригэр куттала суох буолууну хааччыйыахтаахпыт диэн эттэ.
Владимир Путин Арассыыйа Федерациятын суверенитетын, территориятын, көҥүлүн харыстыыр туһугар Оборуона министиэристибэтин уонна Генеральнай штаб этиитин ылынан, быстах хомууру тэрийэр туһунан ыйаахха илии баттаабытын иһитиннэрдэ. Быстах мобилизацияҕа саппааска баар, сулууспалаабыт уопуттаах, байыаннай исписээлинэстээх эр дьон ыҥырыллыаҕа.
Манна даҕатан эттэххэ, “Россия 24” ханаалга оборуона миниистирэ Сергей Шойгу биэрбит интервьютугар анал эпэрээссийэҕэ быһа холоон 300 тыһ. кэриҥэ саппааска баар дьон былаан быһыытынан үөрэх кэнниттэн ыҥырыллыахтарын туһунан иһитиннэрдэ.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Арассыыйа Федерациятыгар быстах хомууру биллэрэр туһунан” ыйаахха 2022 сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр илии баттаата:
1996 с. ыам ыйын 31 күнүнээҕи “Оборуона туһунан” 61-ФС , 1997 с. олунньу 26 күнүнээҕи “Арассыыйа Федерациятыгар мобилизацияҕа бэлэмнээһин уонна мобилизация туһунан” 31-ФС уонна 1998 с. кулун тутар 28 күнүнээҕи “Байыаннай эбээһинэс уонна байыаннай сулууспа туһунан” 53-ФС федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэрэн, уурабын:
а) саастарынан – кинилэр байыаннай сулууспаҕа сылдьар муҥутуур саастарын ситтэхтэринэ;
б) доруобуйаларын туругунан – кинилэри байыаннай быраастар хамыыһыйаларынан байыаннай сулууспаҕа сөбө суохтарынан билинилиннэхтэринэ, ыйыллыбыт байыаннай сулууспалаахтарынан солбуллар кыахтаах байыаннай дуоһунастарга байыаннай сулууспаны салгыырга баҕалаахтарын биллэрбит байыаннай сулууспалаахтартан уратыларга;
в) көҥүлү быһыы көрүҥүнэн накаастабылы аныыр туһунан суут бириигэбэрэ сокуоннай күүһүгэр киирбитинэн.
а) быстах хомууру ыытыыга тэрээһиннэри үбүлүүргэ;
б) Арассыыйа Федерациятын Сэбилэниилээх Күүстэрин, атын сэриилэрин, байыаннай тэриллиилэрин уонна уорганнарын быстах хомуур кэмигэр наадыйыыларын толорууга сөптөөх миэрэлэри ылынарга.
http://kremlin.ru/acts/news/69391
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…