Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр Өлүөхүмэ улууһа биэс уоннуу тыһыынча солкуобайы көрүөҕэ

Share

Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр биэс уоннуу тыһыынча солкуобай суумалаах көмө төлөбүрү биэрэр туһунан уураахха илии баттаабыт. Төлөбүр уопсай суумата 7,7 мөл. солк. тэҥнэһэр. Бу РФ Бырабыыталыстыбатын 2022 сыл алтынньы 3 күнүнээҕи 1745 №-дээх уурааҕа тахсан кыалынна диэн баһылык бэлиэтиир.

Биһиги курдук ороскуот ыстатыйата барыта суруллан турар дотационнай бүддьүөттэн, өйөбүл миэрэлэри оҥорор үп көрүллүбэт. Көмө бүддьүөтү таһынан үптэн бэриллэр, хас биирдии эрэгийиэҥҥэ, улууска кыахтара араас. Байыаннай сулууспалаахтар, эбээһинэстэрин толорор дьон дьиэ кэргэттэригэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кэккэ миэрэлэр бааллара үөрдэр”, – диэн Николай Харбин этэр.

Төлөбүр көрүллүүтүн төһө кыалларынан судургутуппуттар. Хомуурга ыҥырыллыбыт киһи дьоно төлөбүр ылар туһугар, ыҥырыллааччы ханна олорбут (прописка) нэһилиэгин дьаһалтатыгар тиийэллэрэ ирдэнэр.

Олекма.РФ саайтан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

30 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

2 часа ago