Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ успуорт адаптивнай көрүҥнэрин сайдыытын тула Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера, аан дойду уонна Европа чемпиона Анастасия Диодорованы кытары көрсөн кэпсэттэ. Көрсүһүүгэ Анастасия ийэтэ Людмила Диодорова эмиэ кыттыыны ылла.
«Дьулуур» адаптивнай успуорка күрэхтэһии от ыйын 12-16 күннэригэр Амма улууһугар ыытыллар. Онно Анастасия Диодорова Арассыыйа Паралимпийскай кэмитиэтин бэрэстэбиитэллэрин кытары паралимпийскай уруогу ыытыахтаах.
Анастасия көрсүһүү кэмигэр, атын эрэгийиэннэр спортсменнара кыттыылаах улахан күрэхтэһиилэри ыытыы өрөспүүбүлүкэҕэ паралимпийскай көрүҥнэри сайыннарыыга төһүү күүһүнэн буолуо диэн санаатын эттэ.
Кини түгэнинэн туһанан Айсен Николаевка өйөбүлүн иһин махтанна уонна чугастааҕы кэмҥэ успуорка сыһыаннаах былааннарын туһунан кэпсээтэ. Анастасия идэтинэн спортивнай менеджер. Онон Москваҕа «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар бырайыактарын бэрэстэбиитэлинэн буолуоҕа.
Айсен Николаев биллиилээх спортсмен былааннарын өйүүрүн эттэ уонна ситиһиилэри баҕарда.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…