«Андаҕар» испэктээктэн – «Өрөгөй» киинэҕэ

«Андаҕар» испэктээктэн – «Өрөгөй» киинэҕэ

29.09.2024, 12:00
https://sakhalife.ru/wp-content/uploads/2024/06/pooqxprnt7m.jpg
Бөлөххө киир:

Саха сирин үтүөлээх артыыһа, Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Иннокентий Луковцев кэнники кэмҥэ киинэҕэ оруолларынан  кэрэхсэтэр. Тыйаатырга түбүктээх үлэтин сэргэ, уһуллубатах киинэтэ диэн суоҕун кэриэтэ. Кинини сотору киэҥ экраҥҥа тахсыахтаах «Өрөгөй» киинэҕэ көрүөхпүт…

– Иннокентий, Чурапчы улууһун Бахсытыттан олус элбэх артыыс тахсыбыта, эн дойдуҥ Баайаҕа тимир уустарынан биллэр. Оттон эн төрүт уускар артыыс киһи баара дуо?

– Биһиги аймахха артыыс буолбут киһи суох. Арай, өбүгэлэрбэр бэйэтин баҕатынан ыллыы сылдьар, Ырыа Ылдьаа диэн ааттаммыт эр киһи үөскээн ааспыта дииллэр. Эбээм кэпсииринэн, кини оҕуһун миинэн айаннаан иһэн ыллыыра кыһыҥҥы тымныыга ыраахтан дуораһыйан иһиллэр эбит.

Баайаҕаттан билигин П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үлэлии сылдьар Матрена Седельникова аҕата, саха бастакы балетмейстера, үҥкүүһүтэ, балет артыыстарын иитэн таһаарбыт Иннокентий Христофоров, Таатта норуодунай тыйаатырын режиссерунан үлэлээн баран, Саха тыйаа­тырыгар төннөн кэлэн үлэлээбит САССР үтүөлээх артыыс­ката Ирина Максимова бааллара.

– Артыыс буолар ыра санаа хаһааҥҥыттан баар буолбутай?

– Оҕо эрдэхпиттэн сыанаттан түспэт этим. Баайаҕаҕа кылааспытыгар да, оскуолабытыгар да дыраама куруһуоктара үлэлииллэрэ. Нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Ольга Николаевна Макарова салайар куруһуогар дьарык­таммытым. Оҕо эрдэхпиттэн ыллыыбын. Ийэм Зоя Сергеевна Луковцева мусукаалынай оскуола дириэктэринэн, учууталынан үлэлээбитэ. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан, билигин Дьокуускайга олорор. Бииргэ төрөөбүттэр 4 уол этибит. Хомойуох иһин, миигиттэн 4 сыл аҕа саас­таах уба­йым өлбүтэ. Биһиги дьиэ кэргэнинэн бииргэ ыллыырбытын сөбүлүүрбүт. Аҕабыт Егор Иннокентьевич эмиэ ыллыыра, 27 сыл нэһилиэк управляю­щайынан, кэнники нэһилиэк аҕа баһылыгынан үлэлээбитэ.

Арай биирдэ ийэм Дьокуускайга култуура уонна ус­куустуба кэллиэһигэр артыыс­тар бөлөхтөрүгэр ыччаты эбии ылалларын туһунан биллэриини аахпыта. Онон, сүбэлэһэн баран, хайыы үйэ үөрэнэ сылдьар оҕолорго, ол эбэтэр иккис кууруска быһа киирбитим.

Ковбой уонна Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата

– «Ыаллыылар» сериал­га Ковбой оруолун бэл, оччотооҕу кыра оҕолор олус сөбүлээн, сахалыы киинэлэри көрөр буолбуттара диэтэхпинэ, омун буолбата буолуо.

– Култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр артыыс үөрэҕин бүтэрэн баран, 1996 сыллаахха Саха тыйаатырыгар үлэҕэ киирбиппит. Саха тэлэбиидэнньэтэ “Ыаллыылар” диэн сериа­лы устан, Саха тыйаатырын а­ҕа саастаах көлүөнэтэ, хомо­йуох иһин, билигин суох буол­бут дьоммут киинэҕэ уһуллан үйэтитиллэн хаалбыттара. «Ыаллыылары» Анна Кузьмина уонна Михаил Гоголев төрөппүт кыыстара, режиссер Лидия Михайловна Васильева устан саҕалаабыта. Онно 20-чэ эрэ саастаах эдэр артыыстар оонньообуппут. Ковбой персонаж быһыытынан баар этэ эрээри, кини кэлэҕэй буоллун диэн бэйэбит эбэн биэрбиппит. Дьиҥэр, мин кэлэҕэй буолбатахпын (күлэр). Ол эрэн, кэлэҕэй дьону кытары алтыһан син билэр буоламмын, үтүктэн тардыалатыы кытаанаҕа быһыылааҕа. Убай артыыстарым Иннокентий Дакаяров, Дмитрий Михайлов, Петр Баснаев буолан бииргэ үлэлээбиппит. Кинилэр саҥа үлэлии кэлбит киһиэхэ сүбэлээн-амалаан, бэйэбит да астына оонньообуппут.

– Онно Ковбой бултуу сылдьан кустары аһынан, бу кустар ыраахтан көтөн кэлэн эрэйдэммиттэрин тоҕо ытыалыыбыт диэн тыллардаах, киһи эрэ уйадыйар түгэнэ баар этэ.

– Дьэ баара. Ол да буоллар, саха киһитин быһыытынан, тыаҕа, сиргэ-уокка сылдьарбын сөбүлүүбүн. Билигин даҕаны, бу күһүҥҥү ыраас күн-дьыл турдаҕына, киһи эрэ тыаҕа баран сынньаныах курдук.

– «Мэник-тэник» оруол­лартан аҕы­йах кэминэн Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата буолбутуҥ. Биллэн турар, үрдүк ситиһии үлэнэн кэллэҕэ.

В.Шекспир «Илиир Хоруола» дьиҥэр эрдэ туруоруллуохтааҕа, тоҕо эрэ, тохтотуллан баран, биһиги үөрэнэн бүтэрбиппит кэннэ көрөөччүгэ тахсыбыта. Ити сылтан саҕалаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай бэйиэтэ Савва Тарасов тылбаастаабыт үлэтинэн тыйаатыр сүрүн режиссера Василий Фоминныын остуолга олус үчүгэйдик олорон үлэлээбиппит. Көрдөөх Көкөт оруолун бастаан Шекспир айымньыларынан хас да оруол­га оонньообут уонна аҕа саастаах киһи диэн Михаил Гоголевка биэрээри толкуйдаа­быттар этэ. Онтон эдэр дьон диэн, Айаал Аммосов, Сергей Потапов (оччолорго артыыс быһыытынан үлэҕэ киирбитэ) уонна мин эрэпэтииссийэлэммиппит… Онон, мин Көрдөөх Көкөт оруолугар үлэлээн барбытым. Наһаа чэпчэкитэ суох, уустук соҕус этэ. Мөҕүллэрбит, сэмэлэнэрбит да элбэҕэ. Өссө устудьуоннуу сылдьан «Дойду оҕото Дорогуунап» испэктээккэ кыра оруолум кэнниттэн бу бастакы улахан оруолум этэ. Тыйаатыр аҕа саас­таах көлүөнэтин ааттаах-суол­лаах артыыстарын кытары биир сыанаҕа үлэлиир улахан эппиэ­тинэстээҕэ.

1997 с. В.Маяковскай аатынан Москва академическай тыйаатырыгар премьералаабыппыт. Дьиҥэр, «Кыһыл көмүс мааскаҕа» диэн тиийбиппит да, ылбатахтара. Ол гынан баран, Судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттарын хамыыһыйата кэлэн көрөн баран, бу испэктээги бэстибээлгэ киллэрбитэ. «Илиир Хоруолга» оонньоон, 1999 сыллаахха 22 саастаахпар Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата буол­бутум.

– Учууталыҥ Ефим Нико­лаевич Степановы кытары Москваҕа Кириэ­милгэ тиийэн, дойду бэрэсидьиэнэ Борис Ельцинтэн судаарыстыбаннай наҕарааданы тутууну оччолорго хайдах ылыммыккыный? Кэлин «сулус ыарыыта» эмиэ баар буолуон сөбө.

– Буолуон сөп эбитэ буолуо да, миэхэ оннук суоҕа. Бу – бүтүн кэлэктиип үлэтэ. Тыйаатырга биир соҕотох киһи улаханнык быһаарбат.

– Эн ханнык баҕарар испэктээккэ сыанаҕа тахсыаҥ эрэ кэрэх, көрөөччүлэр сэргэхсийэ түһэллэр, күлэллэр. Ити кистэлэҥэ туох буолуой?

– Хайдаҕа эбитэ буолла? Оннук ылыналлара буолуо гынан баран, хайдах баарбынан үлэлиир буоллаҕым. Кэлэктииптэн туораабакка, биир организм курдук үлэлии­бит, испэктээк бэйэтэ туһунан тыыннаах буолар. Сорох үлэ түргэн бэйэлээхтик тахсан баран, өр буолбакка, уостан, симэлийэн хаалыан сөп. Сорох испэктээги көрөөччү күүтэр, сэргиир, уос номоҕор сылдьар буолар.

– Бэйэҥ санааҕар ханнык амплуаҕа үлэлии иликкиний?

– Бастаан тыйаатырга кэлэрбэр жанр быһыытынан кэмиэдьийэҕэ наар ылаллар этэ, режиссердар ити эрэ амплуаҕа көрөр буолан хаалбыттара. Ол артыыс киһиэхэ соччото суох, киһи үүнүөн-сайдыан, бэйэтин атын өттүнэн арыйыан баҕарар. 2007 с. Сергей Потапов Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр суруйуутунан “Тайбаан арыыта” диэн испэктээги туруорбута. Онно Митээ оруолун биэрбитигэр олус махтанабын. Кырдьык даҕаны, артыыс быһыытынан киһи сайдарыгар күүстээх уобарас. Ити кэнниттэн араас хабааннаах оруоллары биэрэр буолбуттара. Элбэх хаттыгас­таах оруолу оонньуур олус үчүгэй, артыыһы кэрэхсэтэр, киһи үүнэр-сайдар.

Айар куттаах дьон куруук туох эрэ ураты, сонун суоллары арыйыан баҕарар. Биир да нуотаны билбэппин эрээри, арыт сыанаҕа ыллыыбын.

Коркин уобараһа киһиэхэ дьайар

– Киинэҕэ аан бастакы сүрэхтэниим “Ыаллыылар” сериал иннинэ Геннадий Багынанов 1997 с. “Түүҥҥү кыыс” диэн толору кээмэйдээх киинэтэ этэ. Быйыл сайын «Сахафильмҥэ» режиссерунан үлэлии сылдьар Валентин Макаровтыын “Күүлэй” диэн барыллаан ааттаах дьиэ кэргэн киинэтин устан түмүктээтибит. Табылыннаҕына, аны саас дуу, күһүн дуу улахан экраҥҥа тахсыахтаах.

– «Андаҕар» испэктээккэ улуу тириэньэр Дмитрий Коркин уобараһын арыйбытыҥ кэннэ Коркин эйигин «Өрөгөй» киинэҕэ сирдээн аҕалла. Бу киинэ туһунан кылгастык тугу этиэҥ этэй?

– Эдэр суруйааччы, сценарист Утум Захаров суруйуутунан, Сергей Потапов туруорбут “Андаҕар” испэктээгэр күүскэ ылсан үлэлээбиппит. Испэктээк уратытынан чахчы биһиги ортобутугар олоро, үлэлии-хамсыы сылдьыбыт киһиэхэ ананара буолар. Кинини кытары алтыспыт, үөрэппит-такайбыт дьоно билигин бааллар, кини үлэтин-хамнаһын билэллэр. Чахчы баар буола сылдьыбыт киһини айымньыга да, испэктээккэ да көрдөрөр, уобараһын арыйар аһара уустук. Тоҕо диэтэххэ, араас тиэмэлэр таарыллаллар, «итинник буолбатах этэ» диэҥҥэ маарынныыр санаалар баар буолаллар. Ол эрэн, көрөөччү испэктээги үчүгэйдик ылыммыта.

Оттон Олимпиада чөмпүйүөннэригэр  ананар, сотору киэҥ экраҥҥа тахсыахтаах «Өрөгөй» диэн киинэҕэ Дмитрий Коркин оруолугар баарбын. Киинэҕэ оруолга ылсыам иннинэ элбэх литэрэтиирэни аахпытым. Онуоха миэхэ уонтан тахса кинигэни, литэрэтиирэни уларсыбыт суруналыыс Владислав Петрович Коротовка олус махтанабын. Дмитрий Петрович дьиҥ олоҕун барытын сиһилии үөрэппитим, эндиэ, сэрэхтээх соҕус тиэмэ. Судургута суох дьылҕалаах киһи. Тустуу философиятыгар улахан научнай үлэлэри оҥорбут эбит. Оҕо, ыччат уйулҕатын билэр тириэ­ньэр тутта-хапта сылдьарынан да кэрэхсэтэр. Бардьыгыныы, хаһыыты-ыһыытыы сылдьыбакка, биирдэ эрэ көрөн кэбиһэр эбит. Итини барытын үөрэтэн, киинэҕэ да, испэктээккэ да туһана сатаабытым.

Киинэни былырыын сайын режиссер Михаил Лукачевскай уһулбута. Барыта бүтэн, таҥыллан, алтынньы 17 күнүгэр киэҥ экраҥҥа тахсыахтаах.

– Эн «Дьулуур» диэн киинэҕэ эмиэ оон­­ньоон, чахчыта бэйэҕин олох атын өттүттэн көрдөрбүтүҥ. Тустуу, ус­­пуорт эйгэтигэр уруккуттан баар киһи курдук ылыныахха да сөп курдуга. Ити «Хапсыһыы» киинэҕэ Дмитрий Коркин мэтириэ­тин уматар сыанатын хайдах ылынныҥ?

– Дмитрий Петрович, илиитигэр гитараны туппатах киһи, киинэҕэ гитараҕа ыллаабыта уонна… Ити барыта режиссер бэйэтин көрүүтэ, туох да диэн этэр кыаҕым суох. Ол гынан баран, хас биирдии режиссер, айар киһи син биир баар чахчыларга олоҕуран, устуоруйаны токуруппакка үлэлиэхтээх дии саныыбын.

«Өрөгөй» киинэҕэ уһулларбар саамай уустуга гирии­ми оҥоруу этэ. Түүн 2-3 чаас диэки уһуллан бүппүппүт кэннэ гириимҥин усталлар. Онтон сарсыныгар күнүс 2 чаастан уһуллаҕын диэн буоллаҕына, 2 эрэ чаас утуйбут киһи эмиэ гириимнэнэ бараҕын. Гириим сыстан хаалар, тириигэ халыҥнык киирэр буолан, устарга эҥин аһара уустук эбит. Итинник пластическай гириим саха киинэтигэр бастакынан туттулунна. Мусуойтан Дмитрий Петрович таҥаһын, кэтэ сылдьыбыт борцовкаларын эҥин уларсыбыттара. Хата, таҥаһа-саба олох оруобуна олордо.

– Коркин оруола эйигин тугунан эмэ уларытта дуо?

– Турукка киирии, Дмитрий Петрович үлэтэ, олоҕу көрүүтэ син биир киһиэхэ дьа­йар. Тоҕо диэтэххэ, испэктээккэ да, киинэҕэ да артыыс эрэ быһыытынан буолбакка, кини олоҕунан олороҕун. Испэктээк иннинэ эрдэ кэлэн бэлэмнэнии, кыратык иһийэн олорон кини туругар киирии үлэҕэр көмөлөһөр.

Үрүҥ көмүс сыбаайбалаах дьиэ кэргэн

– Олоҕум эрэллээх аргы­һа, эмчит идэлээх Мария Васильевна Луковцевалыын (Олесовалыын) иллэрээ сыл үрүҥ көмүс сыбаайбабыт буол­бута. Улахан уолбут Уйусхаан Луковцев Баайаҕаттан төрүттээҕэ тардан эбитэ дуу, быһах охсон уһанар. Кыра уолбут Егорка иккис кылаас үөрэнээччитэ.

Биһиги үлэбит чопчу бириэ­мэтэ суох, дьон сынньанар кэмигэр эн үлэ үөһүгэр сылдьаҕын, өрөбүлэ да суох үлэлиэххин сөп. Ону кэргэним олус өйдүүр уонна өйүүр буолан, маннык үлэлии-хамсыы сырыттаҕым. Уолаттарым, бары кэриэтэ артыыстар оҕолорун курдук, быыс кэннигэр улааппыттара диэххэ эмиэ сөп. Дьиэ кэргэним премьералары көтүппэт.

– Эйигин кими баҕарар кытары уопсай тылы судургутук булар киһинэн көрөбүн. Эйигин бары билэл­лэрэ мэһэйдиир дуо?

– Наһаа уустуга суох майгылаахпын быһыылаах (күлэр). Дьон билэригэр үөрэнэн хааламмын кыһаммаппын.

– Арай артыыс идэтин талбатаҕыҥ буоллар, ким буолуоҥ этэй?

– Билбэтим. Аҕам миигин дойдутугар хаалларыан, сиргэ-уокка сыһыарыан баҕарбытын курдук, арааһа, дойдубар Баайаҕаҕа тиийэн олохсуйбут буолуом этэ. Сыл аайы төрүт сирбэр баран кэлэбин, дойдубун кытта ситиммин быспаппын.

Хаартыскалар; Ватра ВАСИЛЬЕВА (Саха тыйаатыра)

+1
17
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 6°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: