Салгыы
Андрей Андреев: «Биир ньыгыл Арассыыйа» сөптөөх үлэни ыытан дьон итэҕэлин ылла»

Андрей Андреев: «Биир ньыгыл Арассыыйа» сөптөөх үлэни ыытан дьон итэҕэлин ылла»

18.09.2023, 14:30
Мария Васильева (СИА) хаартыската
Бөлөххө киир:

«Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлитиичэскэй баартыйа Саха сиригэр быйылгы быыбарга кыайыыта нэһилиэнньэ ортотугар сөптөөх үлэни ыытыы уонна лиидэрбит Айсен Николаев тула түмсүүбүт, сомоҕолоһуубут түмүгэр ситиһилиннэ диэн этэр Анал идэҕэ урутаан бэлэмниир киин дириэктэрин солбуйааччы Андрей Андреев.

Кини быйылгы быыбарга ааспыт сыллардааҕар элбэх киһи кыттыбытын бэлиэтиир. Андрей Андреев куоластааһыҥҥа нэһилиэнньэ маннык көхтөөхтүк кыттыытын быһаарарга хас даҕаны суол баарын ааттыыр.

«Бастакытынан, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаатын лиидэрэ Айсен Николаев норуотун, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун түмэ тардан, сомоҕолоһуннаран, кинилэр итэҕэллэрин ылан кыайда. Ааспыт биэс сылга Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ оҥорбут үлэтин-хамнаһын көрөн дьон-сэргэ сыаналаата. Иккиһинэн, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа сөптөөх үлэни ыыппыта көстөр. Ол курдук инньэ сааскыттан бэлэмнэнии үлэтин ыытан, праймериз тэрийэн, дьон итэҕэйэр дьонун талан, күһүҥҥү быыбарга нэһилиэнньэ кыттыытын хааччыйда. Инньэ гынан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа эҥкилэ суох бастыырын ситистэ. Үсүһүнэн, кэнники сылларга аан дойдуну аймаабыт дьаҥ, ойуур баһаардара, байыаннай дьайыы курдук уустук кэмнэргэ федеральнай киин Саха сиригэр болҕомтотун ууруута эмиэ куоластааһыҥҥа улахан оруолу ылла. Төрдүһүнэн, урут быыбар биир күн ыытыллара, оттон быйыл үс күн барда. Онон дьон-сэргэ толкуйдаан, күһүҥҥү түбүктэн бириэмэтин аттаран бэйэлэтин быраабын толороругар, куоластыырыгар сөптөөх усулуобуйа оҥоһулунна», — диэн быһаарда Андрей Андреев.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: