Турция Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыгар Анкараҕа ыам ыйын 5 күнүгэр Кыайыы күнүн көрсө “Өлбөт үйэлээх полк” сэлэлээн хаамыы буолан ааста. Бу туһунан “Анадолу” информационнай агентство иһитиннэрэр.
Тэрээһин нуучча тылын учууталларын, тылбаасчыттарын көҕүлээһиннэринэн, Арассыыйа посольствотын, култууратын киинин көмөтүнэн ыытылынна. Турцияҕа Арассыыйа посола Алексей Ерхов иһитиннэрбитинэн, “Өлбөт үйэлээх полк” көлүөнэлэри ситимниир.
— “Өлбөт үйэлээх полк” посольство иһинэн ыытыллар. Кыайыыны уһансыбыт аҕаларбыт, эһэлэрбит ааттарын ахтан-санаан, кинилэри кэриэстээн аастыбыт. Бу үгэс биһигини бииргэ ситимниир. Бу күн оҕолорбут биһигини кытары сэлэлии хаамсыбыттара элбэҕи этэр. Кинилэр төрүттэрин, дьоннорун-сэргэлэрин туһунан өйдөбүлү илдьэ сылдьыахтара, “Өлбөт үйэлээх полк” көлүөнэлэри ситимниир, — диэн этэр Алексей Владимирович.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…