Салгыы
Анна Григорьева дьоро киэһэтигэр дэгиттэр талааннар муһуннулар

Анна Григорьева дьоро киэһэтигэр дэгиттэр талааннар муһуннулар

22.04.2023, 20:28
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Улуу Туймаада киэҥ туонатыгар, «Ника» банкеттыыр саалатын мааны, сырдык уораҕайыгар, муус устар 16 күнүгэр СӨ хоһоонньуттарын уонна кэпсээнньиттэрин «Айар Кут» эрэгийиэннээҕи сойууһа «Талба талаан» диэн бырайыак чэрчитинэн биир тумус туттар киһибит, ытык сүбэһиппит дьоро күнүн бэлиэтээтэ.

Кыраайы үөрэтээччи, «Таатта» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, култуура бэтэрээнэ, Игидэй нэһилиэгин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар, Таатта улууһугар үйэтитиигэ кылаатын иһин «Увековечивание», «Боотурускай улууһа тэриллибитэ 375 сылынан» бэлиэлэринэн, РФ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан уо.д.а наҕараадаламмыт, билигин Дьокуускай куоракка бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Анна Петровна Григорьева Айыыһыт ыйыгар күн сиригэр күөлэһийэн түспүт алгыстаах күнүн уонна «Умсулҕаннаах дьарыгым» диэн саҥа тахсыбыт бастакы кинигэтин биһирэмнээн бэлиэтээтэ.
Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Ытык Таатта сириттэн биир дойдулаахтара суолу баттаһа кыл-мүччү кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Тэрээһини РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Гражданскай көҕүлээһинин туйгуна, Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Эльвира Николаевна Семенова-Сэргэ Кыыһа Тускулаана иилээн-саҕалаан ыытта. Ида Рожина-Күндүйээнэ алгыстаах тойугунан арыйда. «Айар Кут» сойуус бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, «Талба талаан» бырайыак ааптара Зоя Никандровна Данилова-Кэкэрдэ дьоро күн дьоруойун, бырайыак төрдүс кыттыылааҕын Анна Петровнаны эҕэрдэлээн туран, кини талба талаанын бигэргэтэр өйдөбүнньүк кубогу кытары «Айар Кут» сойуус үрүҥ көмүстэн кутуллубут түөскэ кэтэр бэлиэтин, дастабырыанньатын, Егор Гаврильевич Федоров-Долун типографията бэлэх быһыытынан бэчээттээн таһаарбыт «Айар Кут» кинигэтин туттарда. Сойуус чилиэннэрэ бөлөҕүнэн тахсан хоһооннорун аахтыбыт.


Ыҥырыылаах ыалдьыттартан Таатта улууһун «Игидэй нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын баһылыга Егор Алексеевич Марков, Дьокуускай куоракка олорор Людмила Никифоровна Туприна салайааччылаах «Дэбдиргэттэн төрүттээхтэр» түмсүү, Эдуард Карлович Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын 1970 сыллаахха бүтэрбиттэр эмиэ бөлөҕүнэн тахсан эҕэрдэ тыл бастыҥын, алгыс тыл үтүөтүн эттилэр, оҕо саас кэмнэрин ахтан-санаан аастылар, эҕэрдэ, Махтал суруктары, сибэкки дьөрбөлөрүн, бэлэхтэрин туттардылар.
Бииргэ улааппыт оҕо сааһын дьүөгэтэ, Софья Сидорова аатынан анал бэлиэ хаһаайката, бэтэринээринэй сулууспа туйгуна, «Амсай» асчыттар, «Иэйии» литературнай түмсүүлэр салайааччылара Анна Константиновна Аргунова ити ааттаммыт түмсүүлэртэн уонна бэйэтин аатыттан эҕэрдэлээтэ уонна А.Ф.Бояров аатынан Култуура киинин үлэһиттэрин, «Аартык» түөлбэ олохтоохторун ааттарыттан истиҥ-иһирэх тыллардаах Эҕэрдэ суруктарын, бэлэхтэрин туттарда. Анна Петровна үөрүүтүн үллэстэн, эмиэ оҕо сааһын дьүөгэтэ Мария Васильевна Николаева эҕэрдэтин олоҕун аргыһа Валериан Валерианович Слепцов байаан доҕуһуолунан бэйэтин ырыатын олус үчүгэйдик, иэйиилээхтик ыллаан киэргэттэ, ситэрдэ.  Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Иван Николаевич Николаев-Уххан тахсан тойугунан уруйдаата.
Салҕыы «Чэ, чэйдиэҕиҥ», Үһүс көлүөнэ оскуолатын иһинэн тэриллибит Маргарита Гаврильевна Габышева салайааччылаах «Сайдам саас» литературнай куруһуоктар чилиэннэрэ, «Доҕордуулар» бөлөхтөн чугас доҕотторо Валентина Пинигина-Арылы, Анна Чиркова- Вилюйчана, Константин Харлампьев, Василий Пестряков-Курбуһах Уола, Петр Неустроев-Айаанньа Уус уонна «Көҥүл көтүү» бөлөхтөр эҕэрдэлээтилэр, бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар.


Дьоро күн үөрүүлээх чааһа түмүктэнэн, аны салҕыы эҕэрдэ кэнсиэр саҕаланна. Эльвира Семенова-Сэргэ кыыһа Тускулаана «Бэлэхтиэм эйиэхэ күөх сааһы», Зоя Данилова-Кэкэрдэ бэйэтин тылларыгар уонна матыыбыгар «Үрүҥ түүн», Олимпиада Спиридонова Татьяна Колесова-Айсура тылларыгар, матыыбыгар «Кини — мин дьолум», Валентина Саввина-Оһуордаах Уххан тылларыгар, Сиэн Тиитэп матыыбыгар «Үөрүҥ, үрүҥ күн сырдыгыттан» ырыалары уонна Михаил Новгородов «Күннээх сэгэрим» диэн бэйэтин ырыатын толордо. Сахаян диэн ааттаах үҥкүүһүт, эдэр ырыаһыт индийскэйдии ыллаан, тэтимнээхтик үҥкүүлэтэн, өссө оһуохайдатан барыбытын да сэргэхситтэ. Анна Петровна тылларыгар, Валерий Данилов матыыбыгар, Антон Иванов аранжировкатыгар бу билиҥҥи кэмҥэ буола турар анал байыаннай дьайыыга аналлаах «Хотугу хотойдор» диэн киэҥ сэҥээриини ылбыт ырыатын Максим Маар ыллаан иһитиннэрдэ, ырыа айыллыытын туһунан кэпсээтэ. Дьокуускай куоракка олорор «Таатта» уопсай түмсүүтэ (салайааччы Владимир Владимирович Аржаков) уонна «Дэбдиргэ» түмсүү Максим Маарга Махтал суругу туттардылар. Биир дойдулааҕа Николай Сыромятников-Куочун өрө көтөҕүллэн туран эҕэрдэ тыл эттэ, хоһоонун аахта. Эмиэ биир дойдулааҕа, Зоя Лукинична Санникова-Үчүгэй эҕэрдэҕэ кыттыһан бэйэтин алгыс тылын, баҕа санаатын эттэ. «Сайдам саас» диэн литературнай куруһуок чилиэннэрин эҕэрдэтин Александра Васильевна Гуляева Тихон Толомон тылларыгар, Степан Васильев мелодиятыгар «Ийэҕэ махтал» диэн ырыанан ситэрдэ. Анна Петровна урут Орто Азияҕа, Ташкеҥҥа олоро сылдьыбыт буолан, ону ахтан-санаан узбекскай үҥкүүнү-андижанскай польканы үҥкүүлээтилэр. Манна сүрүн үҥкүүһүт Анна Петровна төрөппүт кыыһа Наталья Ефимова уонна кинини кытары «Көҥүл көтүү» бөлөхтөн Альбина Аммосова-Күндээдинискэйэ, Розалья Львова-Дөлүһүөн, Александра Габышева-Талбаана, Валентина Яковлева- Чэлгийээнэ, Вера Санникова-Мичийээнэ, Прасковья Тумусова-Туску уонна «Дэбдиргэттэн төрүттээхтэр» түмсүү актыыбын чилиэнэ Октябрина Максимова үҥкүүлэстилэр. Аграфена Павлова-Арыпыана тылларыгар, В.Яковлева-Чэлгийээнэ айбыт «Дьүөгэлэрим» диэн ырыатыгар «Чэ, чэйдиэҕиҥ» уонна «Көҥүл көтүү» бөлөх далбардара үҥкүүлээтилэр. Людмила Туприна пародиятыгар «Дэбдиргэттэн төрүттээхтэр» түмсүү бөлөҕүнэн киирэн, эмиэ сонун нүөмэри көрдөрдүлэр.


Аны «Кэргэн кэпсэтии» диэн Анна Семеновна Данилова-Сарыада суруйбут сыаҥкатын Софья Прокопьева, Ида Рожина олус үчүгэйдик оонньоон мустубут дьону күллэрдилэр. Бүтэһигэр ааптар кэлбит ыалдьыттарыгар саҥа тахсыбыт кинигэтин бэлэх уунна, чугас доҕотторугар эмиэ өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттартаата. Дьэ, уонна супер бириистэрин — кэрэ аҥаарга тупсаҕай бүрүчүөскэ оҥосторго аналлаах стайлер диэн тэрили уонна күүстээх аҥарга анаан Dolce cabbana King сыаналаах парфюмун туруоран оонньотто. Бириистэри биир дойдулааҕа Анна Аргунова уонна Василий Пестряков сүүйэннэр, үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Сандал сааһы уруйдуур, ил-эйэ түстэнэрин айхаллыыр «Масленица» уонна «Навруз» диэн сааскы бырааһынньыктары дьүһүйэн, норуот күүлэйин курдук чаҕылхай көстүүмнэрин кэтэн, сиэн быраата Сергей Кондаков бэл сылабаар тутуурдаах, элбэх араас бүлүүдэлээх тахсаннар астарыттан күндүлээбиттэригэр итии дойду салгына илгийэн ааһарга дылы буолла уонна кыһыммытын атааран күөххэ үктэнэр кэммит чугаһаабыта билиннэ… Аны толору астаах остуол тардыллан, бэртээхэй фотозона оҥоһуллан ол тула бары хаартыскаҕа түстүбүт. Дьэ, бу курдук ураты сылаас тыыннаах, олус диэн сэргэх дьоро күн буолан ааста.
Махтал буоллун дьоро күннээх Анна Петровнаҕа! Күндү киһибитигэр бөҕө туругу, айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабыт.Өссө да өр сылларга дьоҥҥор- сэргэҕэр, ыччаттаргар билиигин-көрүүгүн тарҕата, сүбэҕинэн-амаҕынан көмөлөһө сырыт. Суруйуубун «Санаалар» диэн бэйэтин хоһоонуттан быһа тардан түмүктүүбүн:
«Бу маннык дойдуга
Киэҥ дуолга көччүйэн,
Көҥүллүк олорор
Дьоллоохпут, доҕоттоор!»

БЫҺААРЫЫ:
Кини чахчы даҕаны араас хайысхаҕа үлэлээн ааспыт баай уопуттаах настаабынньык буоларын Үлэ сылыгар чорботон бэлиэтиир тоҕоостоох дии саныыбын. Кини Саха судаарыстыбаннай университетыгар нуучча тылын салаатыгар үөрэммит. Киһи аайы бэриллибэт ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, салайар, тэрийэр дьоҕурдаах. Игидэйдээҕи Култуура киинин дириэктэринэн, нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгын нэһилиэнньэни кытары үлэҕэ солбуйааччынан, нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаатынан, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбит кэмнэрдээх. Хоһоонноро, суруйуулара элбэх кинигэҕэ, «Таатта», «Киин куорат», «Туймаада», «Она +» хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ. 2018 сыллаахха ыытыллыбыт СӨ Төрүт уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарын бастакы Төрүччү сийиэһин кыттыылааҕа. 2018 с. Ил Дархан А.С.Николаев 150 нүөмэрдээх Ыйааҕар олоҕуран, «Сайылык», Улуу Кыайыы 75 сылынан «Ильмень» бырайыактары оҥорбута.» Оросинские сезоны духовности» бырайыак уонна академик Э.К.Пекарскай төрөөбүтэ 150, 160 сыллардааҕы үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин кыттыылааҕа. «Үөрэҕи- сырдыгы тарҕаппыт Оруоһуттар аҕа ууһа», «Игидэй нэһилиэгэ» диэн тиэмэлэргэ анаан дьарыктанар.» Сэрии тыйыс тыына», «Кинилэр Кыайыыны аҕалсыбыттара» диэн уус-уран киинэлэр устар бөлөхтөрүгэр үлэлээбитэ. Күн күбэй ийэ, эйэҕэс эбээ.

Валентина САВВИНА-Оһуордаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: