Атаарыы…
Бөртөлүөт түһэрин
Дьон аймана көрөр.
Мин саҥа көрөбүн
Атаарыы ыарахан буоларын…
Эмискэ кэлбит харах уутун
Кистии-саба соттоллорун.
Ону биллэрбэт санааттан
Күлэн-үөрэн ылалларын.
Ол да буоллар, иһиттим
Уйулҕа сипсийэр саҥатын
Уолларыгар эрэнэллэрин,
Сүрдээх күүскэ күүтэллэрин!
Күүтүүлээх күндү оҕотунаан
Үөрүүлээх остуолга олоруохтарын!..
Бу, таҕыста убайым…
Уоттаах, сытыы харахтара,
Эрчимнээхтик өрө көтөхпүт илиитэ
«Долгуйумаҥ!
Барыта этэҥҥэ буолуо» диир курдуга
Ити биһиэхэ эрэли укпута!
Ити биһиэхэ кынат үүннэрбитэ!
Бөртөлүөт ньирилиир тыаһын
Өр иһиллээн турдубут…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…