“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Ааптар хоһоонун парашютист, муоратааҕы пехотаҕа сулууспалаабыт рота старшината, учуутал, баһаарынай, быыһааччы, икки уоллаах иллээх дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, билигин көҥүл өттүнэн сулууспалыы барбыт Ан Михаил Васильевичка анаабыт.
Ан Миисэ — уол оҕо, эр бэрдэ!
Үрдүккэ кыырайар мохсоҕол!
Ыытабыт эйиэхэ эҕэрдэ,
Тумуннун эйигин дэҥ-оһол!
Эдэркээн уолаттар эйигин
Эрэнэ кэтииллэр сэриигэ.
Билэбит көрүөҕүҥ-истиэҕиҥ,
Көмүскүөҥ инники кирбиигэ!
Этэҥҥэ эргиллэн кэлэҥҥин
Салайыаҥ Кыайыыбыт параадын.
Чөллөркөй куолаһыҥ ньиргийэн
Иһиллиэ ыраахха дуорайан.
Хотойдор үөһэнэн көтөллөр!
Эн ааккын киэн тутта ааттыыбыт!
Хорсуннар биһиэхэ төрүүллэр!
Үс куттаах бойобуой сахалар!
УГМС управлениетын иһитиннэриитинэн, от ыйын 5 күнүгэр Хаҥалас, Горнай, Алдан, Нерюнгри, Уус Маайа, Өймөкөөн, Томпо…
Ил Дархан Айсен Николаев бигэргэппит “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы 2022 сылтан 44 744 дьиэ кэргэн…
От ыйын 3 күнүнээҕи туругунан Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар клещкэ ытыттарыы 533 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, онтон…
Нерюнгри улууһугар Саха сирин соҕуруу киин куората 50 сылыгар анаммыт Олоҥхо ыһыаҕа ыытылла турар. Өрөспүүбүлүкэ…
Быйыл дойду үгүс эрэгийиэнигэр олохтоохтор үөн-көйүүр ахсаана биллэ элбээбитин бэлиэтииллэр. Саха сирэ эмиэ онтон хаалсыбат.…
Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгин олохтоохторо Олоҥхо ыһыаҕар көхтөөх кыттыыны ыллылар. "Костер на снегу" ансаамбыл чилиэннэрэ…