Аны улахан ааллар көппөттөр дуо?
Бу сааскыттан Дьокуускай аэропуордугар уочараттаах өрөмүөн үлэтэ саҕаланан, аны улахан ааллар сатаан түспэттэр, эриэйсэ ахсаана аҕыйыыр, Москваҕа, Сочига атын куораттарынан эргийэн айанныыр буолабыт диэн үгүс киһи кэпсэтэр буолла. Онон, бүгүн Дьокуускай пуордугар өрөмүөн үлэтин, сөмөлүөттэр сырыыларын туһунан саас-сааһынан ырытан суруйуохпут.
900 тыһыынчаттан тахса киһи “охсуллан” ааһар
Саха сирэ киин сиртэн тэйиччи сытар буолан, киин куораттары кытары көтөр ааллар эрэ ситимнииллэр. Онон, Былатыан Ойуунускай аатынан Дьокуускай аэропуордун өҥөтүнэн сыллата 900-чэ тыһыынча киһи туһанан, сылга ортотунан 8500 авиакөтүү оҥоһуллар. Бу дьоҕус өрөспүүбүлүкэ сүрүн пуордун холугар сүрдээх улахан көрдөрүү. 2019 сыллаахха пассажирдар ахсаанынан, саамай улахан кирбиини ситиспиттэр. Ол курдук, ити сыл 949 746 киһи сылдьыбыт. Аан дойду үрдүнэн сыстыганнаах дьаҥ өрө туруоҕуттан, пассажир ахсаана лаппа аҕыйаабыт.
Дьокуускайтан Арассыыйа киин куораттарыгар, ол иһигэр Москваҕа, Санкт-Петербурга, Сочига, Новосибирскайга, Владивостокка, Благовещенскайга, Екатеринбурга, Красноярскайга, Иркутскайга, Хабаровскайга уонна Улан-Удэҕа быһа эриэйсэлэр оҥоһуллаллар.
Билигин пуорт дьоҕус ааллары таһынан Airbus A310, Airbus A319, Airbus A320, Airbus A321, Airbus A330, Boeing 737, Boeing 747, Boeing 757, Boeing 767, Boeing 777, Бе-200 уонна Ил-76 курдук улахан сөмөлүөттэри хааччыйар кыахтаах.
Өрөмүөн үлэтэ хас да түһүмэҕинэн ыытыллар
Дьокуускай пуордугар көтөр-түһэр балаһаны өрөмүөннээһиҥҥэ, бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуоҥҥа сыыһалардааҕа биллэн, СӨ бырабыыталыстыбатын көрдөһүүтүнэн, 2018-2019 сылларга саҥаттан бырайыактааһын үлэтэ ыытыллыбыта. Бастакы бырайыактааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ сүрүн пуордун үлэтэ олоччу тохтоон, сабыллан хаалар курдук этэ.
2018 сыллаахха ыам ыйыгар “Арассыыйа тырааныспарын ситимин сайыннарыы” федеральнай тус сыаллаах бырагыраама иитинэн көтөр-түһэр балаһаны саҥардан оҥоруу үһүс уочарата саҕаламмыта. Өрөмүөн үлэтэ 970 миэтэрэ уһуннаах балаһаҕа ыытыллыбыта.
2021 сылга балаһа бастакы аҥаарын оҥорбуттара, оттон 2022 сылга балаһаны уһатан биэрбиттэрэ. Быйыл сааскыттан саҕалаан балаһа икки аҥаара саҥардыллыахтааҕын туһунан СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Быйыл хайдах буолуой?
Халлаан лаппа сылыйда даҕаны, балаһаҕа бетон үлэлэрэ саҕаланыахтаахтар. Ыам ыйын 10 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри 1625 м уһуннаах көтөр-түһэр балаһа үлэлиэҕэ. Оттон бэс ыйын 16 күнүттэн атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри сөмөлүөттэр
1800 м уһуннаах учаастакка түһүөхтэрэ. Бу ыйыллыбыт кэмҥэ сорох салгын суудуналарыгар хааччахтааһын олохтонуохтаах.
Аэропуорт сааскы-сайыҥҥы араспысаанньаҕа көстө
“Дьокуускай” аэропуордун пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 26 күнүттэн алтынньы 29 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ сүрүн пуордуттан сэттэ авиахампаанньа 37 хайысханан көтүүтэ былааннаммыт. Сүрүн ноҕурууска «Якутия» уонна «Сибирь/S7» хампаанньаларга сүктэриллэн, кинилэр тохтоло суох тиксиһиннэрэр (стыковочнай) эриэйсэлэри оҥоруохтара. Boeing-737-700 уонна Embraer-170 LR аалларынан пассажирдары таһыахтара.
S7 алтынньы 29 күнүгэр диэри күннэтэ Дьокуускай – Новосибирскай хайысханан, ол эбэтэр Толмачево пуордугар түөртүү эриэйсэни оҥоруоҕа. Маны таһынан, туһааннаах хампаанньа Иркутскайга уонна Владивостокка диэри көтүөҕэ. Бэс ыйын 16 күнүттэн бу хайысхаларынан нэдиэлэҕэ сэттэтэ уонна түөртэ Airbus A320 neo сөмөлүөтүнэн эриэйсэлэр олохтонуохтара.
“Якутия” АХ быһа көтүүнү хааччыйыаҕа
Өрөмүөн кэмигэр «Якутия» АХ Москваҕа уонна Санкт-Петербурга Нижневартовскайга 40 мүнүүтэ тиэхиньиичэскэй тохтобуллаах быһа эриэйсэлэри былаанныыр. Итиэннэ Сочи уонна Минеральные Воды куораттарга көтүөҕэ.
Бу күннэргэ Кытайга Арассыыйаттан айан-сырыы сөргүтүллэн, уһун кэмҥэ тохтоон турбут Дьокуускай – Харбин рейскэ билиэт атыыта саҕаланна. Хас нэдиэлэ ахсын, чэппиэргэ, Sukhoi Superjet 100 Дьокуускайтан сарсыарда 9 чаас 5 мүнүүтэҕэ көтүөҕэ. Харбиҥҥа 10 чаас 40 мүнүүтэҕэ тиийэр. Билиэт сыаната 230 евроттан саҕаланар.
Ольга Алексеева, СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин салгын тырааныспарын департаменын салайааччыта:
– Сайыҥҥы өттүгэр киин хайысхаларга авиа-билиэт ахсааныгар хааччахтааһын олохтоноро күүтүллэр. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр көтүүгэ уруккутунан хаалыаҕа, уларыйыы тахсыбат. Онон киин куораттарга сынньана, күүлэйдии барар пассажирдар айан маршрутун эрдэттэн былаанныыргытыгар, билиэти эрдэ атыылаһаргытыгар, биитэр тимир суол өҥөтүнэн туһанаргытыгар сүбэлиибит. «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа бу сайын уоппуска кэмигэр Аллараа Бэстээхтэн Владивостокка, Хабаровскайга, Благовещенскайга, Иркутскайга уонна Улан-Удэҕа сырыы ахсаанын элбэтэр былааннаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: