Аныгы кэмҥэ уу суолтатын туһунан…
Бэҕэһээ, кулун тутар 22 күнүгэр, бэлиэтэммит Аан дойдутааҕы ууну харыстааһын күнүгэр сигэнэн, аныгы кэмҥэ уу суолтатын туһунан кэпсэтиэҕиҥ.
Уу дойдулар иирсээннэрин төрүөтэ
Дьиҥэр, уу былдьаһан киирсии, иирсээн – оҥорон көрүү, билгэлээһин буолбатах. 1950 сылтан 2000 сылга диэри аан дойдуга ууттан сылтаан 500 кэриҥэ сытыы мөккүөр тахсыбыта, сорохторо сэбилэниилээх киирсиигэ кубулуйбуттара. Холобур, билигин хаттаан сытыырхайбыт араб омуктар уонна Израиль иирсээнэ аҥаардас итэҕэл мөккүөрүттэн тахсар диир сыыһа. 1967 сылтан күөдьүйбүт сэрии биир сүрүн сылтаҕынан уу былдьаһыыта буолбута. Ити кэмҥэ Израиль дойдуну бүтүннүү уунан хааччыйыы бырагырааматын саҕалаабыта. Бу бырагырааманы Сирия дьиксинэ көрсүбүтэ – бэрт кырыымчык уу өлүүтүн былдьаһан Хацбани уонна Баниас өрүстэр ууларын туора салайар ханаал тутуутун саҕалаабыта. Бу өрүстэр Иордан өрүһү уонна Кинерет күөлү толорор этилэр, онон бу дьаһаныыны Израиль өстөөх дьайыы быһыытынан ылыммыта. 1975 сыллаахха Сирия Евфрат өрүскэ даамба туппута, Ирагы кытта сэбилэниилээх иирсээни көбүтэ сыспыта. Оттон 1998 сыллаахха ити өрүскэ аны Турция даамба тутар былааннааҕа биллэн, Сирия бэйэтэ сэриинэн суоһурҕаммыта.
Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар Сахаара кумах куйаарын анныгар “нубийский горизонт” диэн ааттаммыт сүүнэ улахан уу саппааһа баара биллибитэ. Бу уу үксэ Ливия анныгар сытар. 80-с сылларга Муаммар Каддафи “Киһи оҥорбут Улуу өрүһэ” диэн ааттаах бырайыагы саҕалаабыта. Бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, Сахаара улахан аҥаара көҕөрөр ходуһаҕа кубулуйуохтаах этэ. Ол эрэн, бу үлэ үс гыммыт биирэ эрэ түмүктэммитэ. Каддафи былааһа сууллубутун кэнниттэн бырайыак кумах анныгар көмүллүбүтэ. Муаммары суулларбыт 2011 сыллааҕы өрө туруу сылтаҕынан ньиэп буолбакка, “нубийскай горизонт” уутун былдьаһыы буолуон сөп диэн элбэх ырытааччы сабаҕалаан этэр.
Уу иирсээнэ ханна эрэ ыраах дойдуларга буолар быһылаан буолбатах, Сэбиэскэй Сойууска холбоһугар киирэ сылдьыбыт дойдуларга эмиэ кыраныысса таһынааҕы хапсыһыылар буолбуттара. Орто Азияҕа ССРС күөгэйэр кэмнэригэр ууну салайар, үллэрэр ханаал, быһыт бөҕөтө тутуллубута. Биир дьаһалта баарына, ити уу систиэмэтэ иирсээнэ суох үлэлээбитэ. Оттон үрэллии кэнниттэн, хас биирдии тутулуга суох дойду ууну, төһө кыалларынан, бэйэтигэр хааллара сатыыр буолбута. Онтон сылтаан Таджикистан уонна Узбекистан күн бүгүн кыыһырсаллар. Таджикистан сэбиэскэй кэмҥэ тутуллан иһэн тохтообут Рогунскай ГЭС бырайыагын сөргүтүүтэ бу атааннаһыыны олус сытыы оҥордо. Кыргызстан уонна Таджикистан Исфара өрүс уутун былдьаһан 2021 сыллаахха кыраныысса таһыгар киирсии тахсыбыта.
Уу баайынан тэҥэ суох буолуу
Уу аан дойдуга тэҥэ суохтук тарҕанан сытар. Дьиҥэр, бу этии олуонатык иһиллэр. Оскуолаттан бэркэ билэр чахчыбыт этэринэн, сир ньуурун үс гыммыт иккитин Аан дойду Байҕала сабардаан сытар. Ол эрэн, байҕал туустаах уутун киһи аймах билигин туттубат, тууһа суох, иһэр уу мөккүөрдээх ресурсунан ааҕыллар.
Оттон бүгүн күннээҕи туттууларыгар тиийбэт уулаах дойдулар уонунан ааҕыллаллар. Олор истэригэр урукку Сойуус судаарыстыбалара эмиэ бааллар – Туркменистан, Молдова, Узбекистан уонна Азербайджан. Азербайджан, Латвия, Словения, Узбекистан уонна Украина иһэр ууларын аҥаарын кэриэтэ тас дойдулартан ылаллар.
Ууну туттуу дойду дойдуттан уратылаах. Аан дойдутааҕы Доруобуйаны харыстыыр тэрилтэ суоттааһынынан, биир киһи, ортотунан, күҥҥэ 50-100 лиитирэ ууну туттара ирдэнэр. Ол эрэн, Африка кураан эрэгийиэннэригэр бу көрдөрүү 10-20 лиитирэҕэ тэҥнэһэр. Оттон баай дойду АХШ олохтооҕо күҥҥэ, ортотунан, 450 лиитирэ ууну барыыр. Канадаҕа бу көрдөрүү 340 лиитирэ, Японияҕа — 320 лиитирэ. Европаҕа уунан хааччыныы бэрт күндү, онон биир киһи, ортотунан, 130-180 лиитирэ ууну барыыр. Арассыыйа олохтооҕо күҥҥэ 250 лиитирэ кэриҥэ ууну барыыр. Көрүдьүөс чахчы. Саамай элбэх ууну Саудовскай Аравия олохтооҕо туттар – бу дойду олохтооҕо күннээҕи туттар уута 500 лиитирэттэн тахса.
“Иһэр уу” иһэргэ эрэ анаммат
Бастатан турар, биир чопчулааһын – “иһэр уу” диэн өйдөбүл бу ыстатыйаҕа “тууһа суох уу” диэн суолтаҕа туттуллар.
Биллэн турар, үөһээ суруллубут сыыппаралар мунаардыахтарын сөп. Күҥҥэ бэккэлээтэҕинэ, 3-4 лиитирэ ууну иһэр киһи хайдах сүүһүнэн лиитирэ ууну айбардыай? Суунарбытын да аахтахпытына? Иһэр, суунар уубут аан дойдуга баранар ууттан 8% буолар. Уоннааҕы уу үксэ тыа хаһаайыстыбатыгар уонна бырамыысыланнаска туттуллар. Тыа хаһаайыстыбатыгар иһэр уу 60% туттуллар, бырамыысыланнаска 30% кэриҥэ уу барар. Ол курдук, 1 туонна туорах бурдугу үүннэриигэ 1000 куб. м иһэр уу баранар. Биир кубическай миэтэрэ уу биир туонна ыйааһыннааҕын өйдүүбүт. Оттон биир массыынаны оҥорууга 150 тыһыынча лиитирэ уу баранар. Аны ньиэп хостооһуна эмиэ уу хоромньута суох сатаммат – 1 баррель ньиэби сиртэн хостоору 7 тыһыынча лиитирэ кэриҥэ ууну барыыллар. Биир туонна ыстаал тимири уһаарыыга 20 куб. м уу баранар, биир туонна кумааҕыны оҥорууга 200 куб. м. Оттон билигин сылааһы харыстыырга анаан туттар синтетика матырыйаалларбытын оҥорууга биир туоннаҕа 4000 куб. м иһэр уу баранар!
Ааспыт сүүс сыл устата ууну туттуу 6 төгүл үрдээбит, уонна сыллата, ортотунан, 1% улаатан иһэр.
Түмүккэ
Бу сыыппаралары ырыҥалаан көрдөххө өйдөнөр – иһэр уу ханнык да ньиэптээҕэр күндү баай буолар эбит. Бу билигин даҕаны омуннааһын буолбатах – бытыылкаҕа кутуллубут иһэр уу сыаната тэҥ иэннээх ньиэп сыанатыттан ыарахан. Оттон кэлэр сылларга уу сыаната үрдээн иһэрэ саарбаҕа суох чахчы. Биһигини, уу-хаар ортотугар олорор сахалары, бу кыһалҕа хаарыйыа суоҕа дии саныыр сыыһа. Уу ресурсаларын харыстаабатахха, араас алдьархай буолуон сөп. Бырамыысыланнас эйгэтигэр хонтуруол мөлтөөтөҕүнэ, бүтүн өрүс киһи туһаммат уулаах буолан хаалыан сөп. Чугастааҕы уу баһар, сүөһү уулатар сирдэри сөптөөхтүк харайбатахха, күөл, үрэх уоларын, кутаҕа кубулуйарын бары билэбит. Онон баары айбардаабакка, дойдубут баайын харыстаан олоруоххайыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: