Аппааныга саҥа амбулатория аһылынна

Share

Алтынньы 18 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин  солбуйааччы Ольга Балабкина Нам улууһугар  үлэлээтэ.

Тутулла турар кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр саҥа интернат-дьиэлэрин тутуутун үлэтин билистэ. Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников, улуус баһылыга Юрий Слепцов, Намнааҕы социальнай көмүскэл управлениетын салайааччыта Феврония Охлопкова, Намнааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэрин дириэктэрэ Анастасия Заболоцкая тутулла турар эбийиэги  кэрийэн көрдүлэр.

Бу тутуу «Демография» национальнай бырайыак иитинэн «Аҕа көлүөнэ» федеральнай бырайыак иһинэн барар. Бастакы сыбаайата 2021 сыл балаҕан ыйыгар түспүтэ. Интернат-дьиэ 65 миэстэлээх, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир толору хааччыллыылаах. Тутуу хаамыыта кыраапык быһыытынан баран иһэр. 2023 сыл төрдүс кыбаарталыгар түмүктэнэн үлэҕэ киириэхтээх

Ол кэнниттэн Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Аппааны сэлиэнньэтигэр саҥа быраас амбулаториятын үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Бу эбийиэк бастакы сүһүөх эмп тэрилтэлэрин модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн тутулунна.

Саҥа амбулатория ирдэбилгэ толору эппиэттиир. Манна баар терапевт, педиатр быраастарын кабинеттара; процедурнай, быһыы ылар кабинеттар о.д.а. Аппааны олохтоохторун доруобуйаларын көрүнэллэригэр бэртээхэй усулуобуйа тэрилиннэ.

Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

4 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

4 часа ago