Арай эрэ сутуругунан дуо?
Аныгы сайдыылаах кэмҥэ сокуон хараҕынан быһаарсыахха эмиэ сөп
Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Гимеин тохтобулугар 7 №-дээх оптуобус суоппара аҕам саастаах киһини охсубутун туһунан сурах социальнай ситимҥэ тарҕаммыта. Онно эппиттэринэн, ол аҕам саастаах киһи охсуллан баран, хаарга балачча өйүн сүтэрэн сыппыт. Ханнык да, хайдах да түгэҥҥэ киһи бэйэтиттэн аҕам саастаах киһиэхэ илиитин көтөҕөрө сиэргэ баппат.
Кырыктаах буолуу кырыгы үөскэтэр
Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон бэйэ-бэйэтигэр кырыктаах сыһыана элбэхтик хатыланар. Ол курдук, саас хаампат ийэтин тэбиэлээбит эр киһи, оҕотун өлөрүөх буолан суоһурҕанар ийэ, туора ыал оҕотун илгиэлиир аҕа, кыра саастаах уолаттары кырбыыр кыргыттар о.д.а. быһылааннар күннэтэ тахсаллар. Бу барыта сиэр-майгы кэһиллиитин, дьон кэрээнэ суох барыытын туоһута. Оттон дьон туохтан кэрээнэ суох барарый? Кырыгы бохсор миэрэ кыратыттан, култуура таһыма намыһаҕыттан уонна ис эйгэ сатарыйыытыттан дии саныыбын. Арай, аҕам саастаах киһи охсуллан баран өйө суох сыппытын социальнай ситимҥэ таһаарбатах буоллуннар? Тоҕо эрэ быһылаан дьон хараҕын далыгар таҕыстаҕына эрэ, миэрэлэр ылыллаллар, айдаан тахсар. Дьиҥэр, олоххо маннык буолуо суохтаах. Киһиэхэ киһилии сыһыан, убаастабыл ханнык да түгэҥҥэ баар буолуохтаах. Социальнай ситимҥэ ити быһылааны араастык сыаналаабыттар. Аҕам саастаах киһи итирик туруктаах этэ, бырайыаһын төлөөбөтөх, эбиитин оптуобуһу охсуолаабыт диэбиттэр. Суоппар бэрээдэги кэспит олорсооччутугар сутуругунан түспэккэ, полиция үлэһиттэрин ыҥырыан сөптөөҕө.
Сэрэтэр үлэлэр эрдэ ыытыллыахтаахтар
Кырыктаах сыһыан уопсастыбаҕа тоҕо үрдүгүй? Бу көстүү бүтүн дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр. Ол курдук, уопсастыбаннай тырааныспарга, маҕаһыыҥҥа уочаракка, түүҥҥү кулуупка, таксыыга иирсээннэр тахсаллар. Хомойуох иһин, ардыгар маннык иирсээннэр иэдээҥҥэ тиэрдэллэр. Оттон дьиҥэ, айдааннаах түгэннэри быһаарарга сокуон хараҕа баар. Сутурук сокуона быһымах быһыыттан тахсарын үүнэр көлүөнэ эрдэтинэ өйдүөхтээх. Сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларыттан саҕалаан кэлин улахан буруйга-сэмэҕэ тиксии туохха тиэрдэрин дьиэ кэргэн, оскуола иһигэр сөптөөх үлэлэри тэрийэн өйдөтүү үлэтэ ыытыллыахтаах. Дьокуускай куорат оскуолатын футболлуур былаһааккатыгар күһүн буолбут оскуола оҕолорун охсуһуута билигин киэҥник тарҕана сылдьар. Уолаттар бэйэ-бэйэлэрин эттэһэллэрин оҕолор холкутук көрөн туруулара дьиксиннэрэр. Уһуйааннарга, оскуолаларга элбэх сэрэтэр үлэлэр ыытыллыахтаахтар.
Оҕо – төрөппүт сиэркилэтэ
Оҕо майгыта-сигилитэ, кини хайдах киһи буолан тахсара төрөппүттэриттэн улахан тутулуктаах. Оҕо дьону кытта сыһыана, бэйэтин ылыныыта барыта төрөппүт сыһыанын туоһулуур. Дьиэ кэргэн иһигэр таптал, убаастабыл уонна эйэлээх эйгэ суох буоллаҕына, оҕо мунньуллубут кыһыытын-абатын саастыылаахтарыгар таһаарар диэн уйулҕа үлэһиттэрэ бэлиэтииллэр. Аныгы төрөппүттэр оҕоҕо тапталы уонна болҕомтону харчынан сыаналыыллар. Сыаналаах бэлэх атыылаһан баран, болҕомто уурбут курдук саныыллар. Оҕо төрөппүтүн болҕомтотун кыра сааһыттан ылына улаатар. Оҕо чараас ис эйгэтин харыстааннар, былыр, өбүгэлэрбит оҕо баарына куһаҕаны кэпсэппэттэрэ, ырытыспаттара. Оттон билигин үгүс төрөппүт оҕото интэриниэккэ тугу көрөрүн хонтуруоллаабат, бириэмэни тутуһарын ирдээбэт, оҕо баарына буолбут быһыыны-майгыны да кэпсэтиэхтэрин сөп. Оҕо тас эйгэҕэ кырыктаах сыһыан баар диэн өйдөбүллээх улаатыа суохтаах. Кырыктаах буолууну бохсуу бастакы хардыыта оҕону киһилии сыһыаҥҥа иитиигэ сытар.
Санаатын үллэстэртэн аккаастанна
Уопсатыбаннай тырааныспар иһигэр араас быһыы-майгы тахсыан сөп. Ол эрээри дьон манна туораттан орооһо сатаабат. Кыамматы, кырдьаҕаһы атаҕастааһын баар да буоллаҕына, ону наай гыннар, төлөпүөҥҥэ устан тарҕатар эрэ кыахтаахтар. Дьон дьоҥҥо тоҥуй сыһыана уопсастыбаҕа өрүү баар. Биһиги 7 №-дээх оптуобус маршрутун дириэктэрэ Роман Дудаковка сибээскэ таҕыстыбыт. Кини быһылаан тула санаатын үллэстэртэн аккаастанна, арай аҕам саастаах киһини охсубут суоппар бу күннэргэ үлэтигэр тахса илигин туһунан иһитиннэрдэ.
Санаалар
Сиэргэ баппат дьыала
Сардаана Гурьева, СӨ киһи быраабын көмүскүүр боломуочунай:
– Маннык быһыы-майгы, буолаары буолан, аҕам саастаах киһиэхэ илиини көтөҕүү сиэргэ баппат дьыала. Мин ИДьМ-гэр бу быһылаан тула бэрэбиэркэ ыытар туһунан сибээскэ тахсыбытым, видеокамералары бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Өскөтүн, суоппар аҕам саастаах киһини охсубута бигэргэтилиннэҕинэ, эппиэтинэскэ тардыллыаҕа. Уопсастыбаҕа маннык быһыыланыы сатаммат!
Кытаанах миэрэ ылыллыахтаах
Александра Петрова, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, Дьокуускай олохтооҕо:
– Тэлэбиисэргэ, төлөпүөҥҥэ наар куһаҕаны көрдөрөллөр, суруйаллар. Ити оптуобус суоппардарын уйулҕаларын бэрэбиэркэлээбэккэ үлэҕэ ылан, аҕам саастаах киһини эчэттилэр. Дьон кыыллыйан иһэрэ сөхтөрөр. Маннык дьоҥҥо кытаанах миэрэ ылыллыахтаах дии саныыбын.
Ыччат барытын көрө сылдьар
Семен Варламов, суоппар, Дьокуускай олохтооҕо:
– Дьон бириэмэ ыктарыытыттан уонна харчы тиийбэтиттэн майгыта сатарыйда дии саныыбын. Биһиэхэ култуура таһыма намыһах. Ити ордук уопсастыбаннай тырааныспарга эрэ буолбакка, суолга эмиэ көстөр. Дьон наһаа бэйэмсэхтэр уонна ыгымнар. Салгыы маннык быһылааннар тахсыталыыр буоллахтарына, ыччаппыт маны көрө сылдьан хайдах дьон буолан тахсыай? Улахан дьон сутуругунан быһаарсарын көрөн сөпкө гыналлар диэн сыыһа өйдөбүллээх улаатыан сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: