Салгыы
Арассыыйа аныгы дьахталларын кэпсиир сыыппаралар

Арассыыйа аныгы дьахталларын кэпсиир сыыппаралар

07.03.2023, 18:01
Хаартыска: pxhere.com/ru
Бөлөххө киир:

Арассыыйа дьахталларын олохторун, көрүүлэрин, дьиэ кэргэттэрин, социальнай уонна үп-харчы өртүнэн таһымнарын көрдөрөр сыллата араас чинчийиилэри ыыталлар. Онтон сорох чахчылары ылан сэгэтиэҕиҥ.

Аныгы кэмҥэ үлэлии-үлэлии үөрэнэр кыыс элбэх. Төрөппүттэриттэн кэргэн тахсан буолбакка, үксүгэр үлэ булан туспа бараллар эбит.

Кимтэн даҕаны тутулуга суох суох буолуон баҕалаах Арассыыйа олохтоохторо үөрэххэ үгүс бириэмэлэрин барыыллар, идэлэрин уонна олохторун судургутук уларыталлар. Кэргэн тахсымыахха эбэтэр кэлин ыал буолуохха, оҕо төрөтүөххэ сөп диэн толкуйдууллар эбит. Холобур, 1930-1950-с сылларга төрөөбүт дьон 25 саастарыгар номнуо 70% оҕолоохтор эбит. Онтон 1980-с сылларга төрөөбүттэр — 65 %. Кэлиҥҥи көлүөнэҕэ бу сыыппара икки төгүл түһүөн сөп диэн сабаҕалыыллар.

Бүтэһик 20 сылга үлэ ырыынагын дьахталлар баһылаан эрэллэр үһү. Ол курдук, үрдүк квалификациялаах исписэлиистэртэн үс гыммыт иккитин кэриэтэ (63,3%) – дьахтар. Эр дьон бырамыысыланнас, тутуу, тырааныспар, о.д.а. салааҕа элбэхтэр (80% тахса).

Арассыыйаҕа дьахталлар 50 % үрдүк үөрэх дьупулуомнаахтар, итинтэн 36 % — 25-29 саастаахтар. Ол гынан баран, дьахталлар хамнастара арыый намыһах, түөрт гыммыт биирдэрэ букатын даҕаны үлэтэ суох эбит. Ол да буоллар кэрэ аҥар 45 % салайар үлэҕэ үлэлиир диэн ыйаллар.

Аны эбэлэр сиэннэриттэн тэйбиттэр диэн этэллэр. Ол эбэтэр аныгы дьахталлар үйэлэрин тухары дьиэ кэргэннэрин бэрийиэхтэрин, сиэн көрүөхтэрин баҕарбаттар. Ол оннугар бэйэлэрэ биисинэс тэриниэхтэрин, сири-дойдуну көрүөхтэрин, айанныахтарын, тыйаатырдарынан, түмэллэринэн сылдьыахтарын баҕараллар. Ыйытыкка кыттыбыт эбэлэр үгүстэрэ сиэннэрбитин өрөбүллэргэ, бырааһынньыктарга көрсүөхпүтүн сөп диэн хоруйдаабыттар. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа олохтоохторо эрдэ, ортотунан 50 саастарыгар эбэ буолаллар эбит.

Арахсыыттан ордук дьахтар аймах айманар дииллэр эрээри, арахсыы туһунан икки төгүл элбэхтик дьахталлар толкуйдууллар эбит. 2000 сыллардаахха ыал буолбуттартан 27 % дьахталлар, 14% эр дьон арахсыахпыт этэ диэбиттэр. Аны аныгы көлүөнэ бэрт түргэнник арахсаллар уонна саахсаламматтар эбит.

Ис туруктара бигэтэ суох буолан, дьахталлар эр дьоннооҕор арыгыга түргэнник ылларыахтарын сөп үһү. Дьахтар аймах санааҕа-онооҕо ыллардаҕына аһыы утаҕынан “уоскутунар” эбит буоллаҕына, эр дьон итинник түгэҥҥэ икки төгүл аҕыйахтык арыгыны иһэр диэбиттэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: