Бэҕэһээ, олунньу 8 күнүгэр, «Арассыыйа» диэн быыстапкаҕа Саха сириттэн Экологияҕа, ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтиттэн Владислав Велигура кыттыыны ылла.
Пуорум дьыалабыай бырагыраамата экология хайысхатыгар сөптөөх быһаарыныылардаах, судаарыстыбаннай бырайыактарга бүтэһик алта сылга ситиһиилээх түмүктэрдээх билиһиннэриини көрдөрдө. Судаарыстыбаннай соруктары ситиһии туһунан тустаах министиэристибэлэр салайааччылара билиһиннэрдилэр. Экологияҕа анаммыт күн чэрчитинэн, Саха сирин истиэндэтигэр оҕолорго аналлаах тэрээһиннэр бааллара. Ол курдук пуорумҥа кэлбит оҕолор викториналарга кытыннылар. Ону таһынан оҕолорго Саха сирин ураты кыылларын уруһуйдуур кыаҕы биэрдилэр.
Быыстапка кэмигэр Саха сирэ булчуттарга аналлаах «Байанай» сурунаалы билиһиннэрдэ. Сурунаал номнуо 17-c cылын ыытыллар. Саха сирин олохтоох дьонун-сэргэтин төрүт дьарыгын булду-алды кытта ситимнээх Байанай аатын сүгэрэ да туоһулуур.
Бэлиэтээн эттэххэ, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илини сайыннарыы туһунан биллэрбитэ. «Арассыыйа» быыстапкаҕа федеральнай уокурук бары эрэгийиэннэрэ бэйэлэрин ситиһиилэрин көрдөрөллөр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…