Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроев Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ Дьоруойун кыһыл көмүс сулуһунан наҕараадаланна

Share

Арассыыйа дьоруойа, “Алеша” биллиилээх тааҥка экипаһын чилиэнэ Алексей Неустроев дойду Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥэ РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев илиититтэн ДНӨ Дьоруойун кыһыл көмүс сулуһун тутта. Үөрүүлээх наҕараадалааһын Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүн иннинэ буолла.

Наҕараадалааһын туһунан докумуоҥҥа олоҕуран, үрдүк аат “Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ босхолонуутугар уонна сайдыытыгар, дьоруойдуу быһыыны оҥорууну кытта сибээстээх, судаарыстыба уонна норуот иннигэр үтүөлэрин иһин” иҥэриллибит.

Алексей Неустроев бу киниэхэ үрдүк чиэс буоларын этэр. “Аҕа Дойдуну көмүскээччи күнүнэн эҕэрдэлиибин, кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Билигин байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьааччыларга түргэнник тыыннаах уонна доруобай дойдуларыгар кэлэллэригэр баҕарабын”, — диэн Неустроев эттэ.

Анна Лебединская, СИА.

What’s your Reaction?
+1
32
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago