Арассыыйа Дьоруойа Бурхаакка анаммыт кылаас чааһа буолла

Share

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 2  күнүгэр, Таатта улууһун Туора Күөл орто оскуолатыгар Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимовка анаммыт кылаас чаастара ыытылыннылар.

Ол курдук, Родимир төрөөбүт нэһилиэгин оскуолатын үөрэнээччилэригэр 1-11  кылааска диэри оскуола үрдүнэн кылаас чаастара буоллулар. Бу туһунан Арассыыйа  Дьоруйун ийэтэ Варвара Николаевна  санаатын үллэһиннэ:

— Бэҕэһээ, оскуолаҕа билии күнүн көрсө уопсай линейкаҕа тиийэн оҕолорбун Дариналаах Вадиммын кытта тахсан тыл эппиппит. Уолум Вадим убайыгар Родимирга анаабыт хоһоонун аахпыта. Даринам ахсыс кылаас буолла, Вадим төрдүс кылааска таҕыста. Убайдарынан наһаа киэн тутталлар, ахталлар. Родимир үөрэх дьыла саҕаламмытынан Джур Захаров диэн бэһис кылааска үөрэнэр уолчааҥҥа тус бэлэҕин ыыппыта. Джур аҕата Василий Семенович Захаров уонна мин кэргэним, оҕолорум аҕалара Дмитрий Иванович оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэрэ, доҕордуу этилэрэ. 2022  сыллаахха биһиги аҕабыт олохтон барбытыгар Василий аҕабыт көмүс уҥуоҕун туппута. Эһиилигэр Василийбыт бэйэтэ ыалдьан олохтон барбыта, кыра оҕолоро соҕотох ийэҕэ хаалбыттара. Ол иһин Родимир махтанан, истиҥник санаан, аҕатын доҕорун оҕотугар бэлэх ыыппыта эмиэ дириҥ суолталаах. Оҕобор, Родикпар, биир дойдулаахтара Федор Павлов, Евдокия Аммосова- Дьэбдьэкиэйэ хоһооннорун анаабыттара. Биир дойдулаахтарбар, дьоммор-сэргэбэр махтанабын.

Туора Күөл оскуолатын тус архыыбын хаартыскалара
What’s your Reaction?
+1
10
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

8 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

10 часов ago