Аҕа дойду Дьоруойдарын дэкээдэтин иитинэн Дьокуускай куорат “Книга-03” бибилэтиэкэтин кырачаан ааҕааччылара Арассыыйа Дьоруойа, “Время Героев” бырагыраама кыттааччыта, Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирин эбээһинэһин толорооччу Игорь Юргины кытта көрүстүлэр.
Тэрээһиҥҥэ куорат 22-с, 23-с, 28-с оскуолаларын, Физика-тиэхиньиичэскэй лиссиэй, Креативнай индустрия кэллиэһин үөрэнээччилэрэ кытыннылар.
Игорь Юргин оҕолорго бэйэтин оҕо сааһын, үөрэҕин сылларын, аармыйаҕа сулууспатын, анал байыаннай дьайыыга кыттыытын туһунан кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата.
“Мин Алдан оройуонуттан төрүттээхпин, Аллараа Кураанах гимназиятыгар үөрэммитим. Оҕо сылдьан аныгы оҕолортон туох да уратыта суоҕум, успуорт араас көрүҥүнэн дьарыктаммытым. Бары уолаттар курдук араас тиэхиньикэнэн, оонньуур сэбинэн-сэбиргэлинэн оонньуурбутун сөбүлүүрбүт. Оҕо эрдэхпиттэн байыаннай пуорманы сэҥээрэрим, улааттахпына миэхэ эмиэ маннык пуорма баар буолуо дии саныырым”, – диэн кини кэпсээтэ.
Арассыыйа Дьоруойа үөрэнээччилэргэ кэккэ сүбэлэри биэрдэ, бэйэҕитигэр эрэниҥ диэн эттэ.
“Өйдөөҥ, олох пульта эһиэхэ бэйэҕитигэр эрэ баар, олоххутун эһиги бэйэҕит эрэ салайар кыахтааххыт”, – диэн кыттааччыларга туһаайан Игорь Юргин көрсүһүү кэмигэр бэлиэтээтэ.
“Книга-03” бибилэтиэкэ сүрүн бибилэтиэкэрэ Анна Тодышева бу курдук көрсүһүүлэр Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр үтүө үгэскэ кубулуйдулар диэн иһитиннэрэр.
“Биһиги ааҕааччыларбыт араас сылларга сэрии сылларын оҕолорун, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарын, ИДьМ бэтэрээннэрин кытта көрсүбүттэрэ. Бу курдук көрсүһүүлэри оҕолор сэҥээрэллэр, өрүү элбэх буолан кэлэллэр. Быйыл дьиҥнээх Дьоруойу Игорь Юргины ыҥырарга быһаарыммыппыт. Маннык судургу көрсүһүү уонна илэ кэпсэтии – бу көрсүһүү уратыта. Оҕолор элбэҕи өйдөөн хаалалларыгар эрэллээхпит”, – диэн Анна Тодышева кэпсиир.
Оҕолор Дьоруой Игорь Юргины кытта аһаҕас, илэ кэпсэтиини биһирээбиттэр. “Арассыыйа Дьоруойун истэр олус интэриэһинэй. Кини хорсун санаалааҕа тута биллэр. Оттон мин кини муударай сүбэтин уонна эппит тылларын иһин махтанабын. Игорь Юргин кырдьыктаахтык, истиҥник уонна интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Бүгүҥҥү көрсүһүү уонна Төрөөбүт дойдубутун көмүскүүрүн иһин махтанабын. Игорь Юргин биһиэхэ чахчы холобур буолар” – диэн көрсүһүүгэ кыттыбыт оҕолор санааларын үллэстэлэр.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…