Арассыыйа ис баалабай бородууктата сыл бүтүүтэ 3,5% үрдүө
14.12.2023, 19:50
Хаартыска: Kremlin.ru
Бөлөххө киир:
Ис баалабай бородууктата (ВВП) сыл бүтүүтэ 3,5% үрдүө диэн РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэҕэ эттэ. Кини этэринэн, ол аата Арассыыйа түһүүнү боруостаата.
«Экэниэмикэ үүнүүтүн саамай кылаабынай көрдөрүүтэ – ис баалабай бородуукта сыл бүтүүтэ 3,5% буолуоҕа. Бу үчүгэй көстүү, биһиги ааспыт сылга түһүүнү манан боруостаатыбыт. Ааспыт сылга 2,1% буоллаҕына, быйыл эбии 3,5%», — диэтэ Владимир Путин.
Санатан суруйдахха, соторутааҕыта РФ Үбүн миниистирэ Антон Силуанов бу сыл түмүгүнэн ис баалабай бородууктата (ВВП) 3,5%, ону таһынан кэлэр сылга үчүгэй түмүктэр күүтэллэр диэн турар. Ол курдук кини эрэгийиэннэр экэниэмикэлэрин өйөбүлүгэр инфраструктурнай бүддьүөт кирэдьиитин салгыы биэрэргэ эппитэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: