Арассыыйа ИТ-хампаанньалара бородууксуйаларын көрдөрдүлэр

Share

«Цифровой алмаз» пуорум чэрчитинэн, Дьокуускай куоракка Ю.А. Гагарин аатынан аныгы култуура киинигэр ИТ-хампаанньалар бородууксуйаларын быыстапката үлэлээтэ.

Онно ИТ эйгэтигэр бырайыактар, бырагыраамалар, дойду оҥорон таһаарар оборудованиелара, технологическай оҥоһуктар көрдөрүллүбүттэр. РФ Цифровой уонна маассабай коммуникация сайдыытын миниистирэ Максут Шадаев быыстапканы олус сэргээтэ.


Быыстапкаҕа Арассыыйа инники күөҥҥэ сылдьар хампаанньалара, ол иһигэр «Ростелеком», «ВКонтакте», «Гарда Технологии», «UserGate» бааллар, ону таһынан Саха сиригэр оҥоһуллубут бырайыактар турдулар.
Итини көрөн федеральнай миниистир Максут Шадаев : «Саха сирэ – ИТ-эйгэҕэ Арассыыйаҕа биир бастыҥ эрэгийиэнинэн буолар, элбэх аныгы цифровой сервистэр уонна кэскиллээх ИТ-бырайыактар аан бастаан мантан тахсаллар», – диэн  тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.


«Якутия» технопарк резиденнэрэ Extra Cinema кинопроектор уонна цифровой системаны, «Мультидитек» интерактивнай босуобуйаны көрдөрдүлэр. «Дьокуускайдааҕы котловой собуот» модульнай электровелисопеды, «Куттала суох Артика» Саха сиригэр сөптөөх кылгас долгуҥҥа хабар көһө сылдьар рацияны, «Автономнай технологиялар» VeDroid Foton дезинфектор роботы көрдөрдүлэр.
Итини таһынан, үлэ вакансиятын көрдөрөр navahtu.ru уонна «Обращайся» диэн гражданнар, былаас уонна биисинэс бииргэ үлэлээһиннэрин итиэннэ «Под присмотром» диэн оҕо көрөөччүнү көрдүүргэ аналлаах сыһыарыылар дьон дьүүлүгэр таҕыстылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

36 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

3 часа ago