Арассыыйа Киин быыбардыыр хамыыһыйата Бэрэсидьиэни куоластыыр бүлүтүөнү бигэргэттэ
10.02.2024, 10:35
Мария Васильева (СИА) хаартыската
Бөлөххө киир:
Арассыыйа Киин быыбардыыр хамыыһыйата Бэрэсидьиэн быыбарыгар куоластыырга бүлүтүөн тиэкиһин бигэргэттэ.
Онно алпаабыт бэрээдэгинэн регистрацияламмыт хандьыдааттар ааттара сурулунна диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрэр.
Хас биирдии хандьыдаат аатын утары кини туһунан кылгастык ыйылынна: хас сыллаахха төрөөбүтэ, олорор сирэ, үлэлиир миэстэтэ, өскөтүн баартыйалаах буоллаҕына, быыбарга хандьыдаат ханнык баартыйаттан турбута.
Бүлүтүөҥҥэ хандьыдааттарга анаммыт чааһа тэҥ кэриҥнээхтэр уонна хара өҥнөөх линияларынан араарыллаллар. Быыбар хамыыһыйалара барыта 113 мөл. тахса быыбардыыр бүлүтүөнү бэчээттиэхтэрэ.
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: