Арассыыйа уонна Белоруссия бииргэ үлэлэһиилэрэ хаҥыыр

Share

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэс ыйын 28 күнүгэр Башкирияҕа Арассыыйа уонна Белоруссия эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы форумнарыгар видео-сибээһинэн бэйэтин эҕэрдэтин ыытта.

Билигин Арассыыйа үгүс эрэгийиэнэ Белоруссия уобаластарын кытары араас өрүттээх үлэни ыыта олороллор. Билигин өссө Уһук Илин, Сибиир эрэгийиэннэрэ, Крым Өрөспүүбүлүкэтэ, Севастополь куорат бу үлэҕэ көхтөөхтүк кыттан эрэллэр, — диэн иһитиннэрэр Владимир Путин бэйэтин этиитигэр.

Санатан эттэххэ, бу форум быйыл онус төгүлүн ыытыллар. Манна парламент дьокутааттара, министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, предпринимателлэр, о.д.а. барыта тыһыынчаттан тахса киһи кытынна. Форум чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбатыгар, бырамыысыланнаска, экэниэмикэ боппуруостарыгар, туризмҥа, технологиялары сайыннарыыга кэпсэтиилэр буолан аастылар.

Владимир Путин иһитиннэрбитинэн, Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэриттэн Белоруссия Арассыыйаны кытары табаары эргиниигэ инники күөҥҥэ иһэр.

Белоруссияны кытары табаарынан эргиниибит былырыын 12 бырыһыанынан үрдээн, 3 трлн солкуобайы куоһарда. Быйыл муус устарга диэри өссө 11 бырыһыанынан эбилиннэ. Бу эрэгийиэннэр бэйэ-бэйэлэрин кытары үлэлэһиилэрэ күүһүрбүтүн кытары сибээстээх. Санатан эттэххэ, 2021 сылтан Сойуустаах судаарыстыбалар үрдүкү судаарыстыбаннай сэбиэттэринэн бигэргэтиллэн, 28 бырагыраама олохтоммута. Бу чэрчитинэн үп-харчы да, энергетика да, тырааныспар да эйгэлэригэр биир ситимнээх үлэ бара турар, — диэн бэлиэтиир кини.

Манна даҕатан эттэххэ, икки дойду лидердэрэ бу иннинэ арҕааҥҥы дойдулар киллэрбит хааччахтарыгар хоруйдаан, олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга, экэниэмикэ араас эйгэтигэр саҥа технологиялары киллэриигэ хаста да мунньахтаан тураллар. Билигин Белоруссияттан тырааныспар, араас бородуукта, химическэй, таҥас-сап бородууксуйата киириитэ 70 млрд солкуобай буолбут. Оттон Белоруссияҕа тастан киирии табаары солбуйууга Арассыыйа инвестордара кыттыылаах бырайыактар саҕаланнылар. Бу бырайыактар уопсай суумалара билигин 80 млрд солкуобайга тэҥнэспит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

16 часов ago