Арассыыйаҕа Азовскай муора эрэгийиэннэрэ киирдилэр

Share

Донецкай, Луганскай На­род­най Өрөспүүбүлүкэлэр, Херсон, Запорожье уобаластара 90-тан тахса бырыһыан куоластаан, Арассыыйа састаабыгар киирдилэр. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу түөрт эрэгийиэн салалтатын кытары дуогабар баттаста. Дуогабардары бу нэдиэлэҕэ Федеральнай Мунньах бигэргэттэ уонна тустаах сокуоннарга уларытыылары киллэрдэ. Онон Арассыыйа 89 эрэгийиэннэннэ, Азовскай муораны бүтүннүүтүн бас билэр буолла.

Туохтан саҕаламмытай?

Кэлиҥҥи уонча сыллаах устуоруйаны сэгэтэн көрдөххө, 2013 сыллаахха Украинаҕа буол­бут Евромайдаан (манныкка хабааннаах айдааны Евросойуус Украинаҕа 2004 сыллаахха эмиэ ыытан турар) сиэллэнэн-кутуруктанан, бу тахсан кэллэ. Оччолорго Украина бэрэсидьиэнэ Виктор Янукович Евросойууһу кытары дуогабар баттаспаппын диэн муос-таас курдук иһитиннэрэн, бэйэлээх бэйэтин дойдутуттан тыынын нэһиилэ тэскилэппитэ, дойдуга айдаан тахсан, кириисис саҕаламмыта. Ол түмүгэр үгүс куорат урусхалламмыта, былаас уларыйбыта. 2014 сыл сааһыгар Крым Автономнай Өрөспүүбүлүкэтэ, Севастополь Арассыыйаҕа холбоспуттара, Донецкай, Луганскай уобаластар суверенитет ылынан, Народнай Өрөспүүбүлүкэ буолбуттара.

Янукович илии баттаабатах докумуона туох туһунан этэй? Бу докумуоҥҥа 44 сыһыарыы, үс боротокуол, 2000 илиистээх декларация киирэ сылдьар. Дуогабар бэйэтэ киирии тыллаах уонна сэттэ түһүмэхтээх. Киирии тылыгар Украинаны Европа дойдуларын кытары биир устуоруйа­лаах, сыаннастардаах дойду быһыытынан билинэргэ диэн суруллубут. Манна бэлиитикэ, экэниэмикэ, быраап эйгэлэринэн Евросойууһу кытары биир буолуу ыйыллыбыт. Интэриэһинэйэ баар, бу дуогабарынан Евросойуус Украинаҕа үп-харчы өттүнэн көмөлөһөр хайысхалара суруллубуттар, иккис өттүнэн, Сойуус дойду ис бэлиитикэтигэр быһаччы орооһор кыахтанар. Уонна хара маҥнайгыттан усулуобуйа туруоран, ону толорон иһэригэр модьуйбута даҕаны. Биир бастакынан Евросойуус Украинаны Норуоттар икки ардыларынааҕы валюта пуондатын кытары дуогабар түһэрсэригэр, суутун систиэмэтигэр уларытыылары киллэрэригэр эппитэ. Өйдүүргүт буолуо, ити кэмҥэ Евросойуус оччолорго хаайыллан олорор миниистирдэри Юрий Луценконы, Георгий Филипчугу, дьокутаат Юлия Тимошенконы босхолуурга модьуйбута. Миниистирдэр Янукович ыйааҕынан амнистияҕа түбэспиттэрэ, оттон Юлия Тимошенко кэлин босхоломмута. Юрий Луценко бэлиитикэҕэ төннөн баран, Донбааһы, Луганскайы “искэн ыарыылартан” атыннык ааттаабатаҕа, Хорватияттан сербтэри үүрбүт курдук анал эпэрээссийэни ыытыахха наада диэн Үрдүкү Радаттан дакылааттаабыта баар. Устуоруйаттан билэҕит, бу эпэрээссийэ түмүгэр Хорватияттан сербтэр күүс өттүнэн көһөргө күһэллибиттэрэ, тыһыынчанан киһилэрин сүтэрбиттэрэ.

Евросойуус Украинаҕа өссө биир пууну ыйбыта: Украина Евразиятааҕы экэнэмиичэскэй сойуус таможеннай сойууһугар киириэ суох­таах этэ. Оннук диирин да сэрэйиэххэ сөп этэ, тоҕо диэтэргин бу Сойууска Арассыыйа баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылара, ыаллыы судаарыстыбаларын Казахстаны, Белоруссияны, Кыргызстаны, Арменияны мунньан олороро. Билигин өссө Сирия, Тунис киирэбин диэн хандьыдаат быһыытынан сылдьаллар. Онон ити модьуйуу ини-бии дойдулар доҕордоһууларыгар суорба тааһы иннилэригэр уурбут кэриэтэ этэ. Өскөтүн Украина Евросойуус ыйбыт суолунан бардаҕына Арассыыйаҕа, ону ааһан ыаллыы олорор судаарыстыбаларга, хайа да өттүнэн кутталы үөскэтэр чинчилээҕэ. Иккис өттүнэн Украина, Евросойууска хабарҕатыгар диэри иэстээх олорон, онто да суох аллараа курулуу турар экэ­ниэмикэтин өрө тардара уустуктардааҕа. Итини Украина оччотооҕу салалтата ыйааһын бэскитигэр уурбута чахчы.

Бу дуогабар 2013 сыллаахха олоххо киирбэтэҕэ эрээри, 2014 сыллаахха былааска тахсыбыт Петр Порошенко баттаспыта. Онон ити сылтан Украина күннээҕи олоҕор “евроинтеграция” диэн саҥа тиэрмин күүскэ киирэн барбыта, НАТО-ҕа киирэр туһунан Конституциятыгар суруммута.

Дьэ, онон

Дьэ, онон, олунньу 24 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тас дойдуга анал ба­­йыаннай эпэрээссийэ ыытар туһунан ыйааҕы таһаарбыта. Кэлин Донбаас олохтоохторо “өссө биир нэдиэлэ хойутаабыккыт буоллар, биһигини имири эһиэ этилэр” диэн муҥатыйа кэпсиэхтэрэ.

Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр Донецкайга, Луганскайга, Запорожьеҕа, Херсоҥҥа ыытыллыбыт референдумнар да ону кэрэһилииллэр. Дьон-сэргэ 90-тан тахса бырыһыан кыттан, бу эрэгийиэннэр Арассыыйа састаабыгар киирдилэр, дойдубут 89 эрэгийиэннэннэ. Саҥа тахсыбыт федеральнай конституционнай сокуоннарга этиллэринэн, көһүү кэмэ 2026 сылга диэри болдьохтоммут. Ол аата үс төгүрүк сыл устата бу эрэги­йиэннэр федерацияҕа толору бы­­рааптаах эрэгийиэн буолуохтара. Өскөтүн донецкайдар, луганскайдар Арассыыйа пааспарын судургутуллубут систиэмэнэн ыла олорбут буоллахтарына, билигин аны Запорожье уонна Херсон уобаластарын нэһилиэнньэтэ ылыаҕа. Сирдэрин-уоттарын, дьиэлэрин 2028 сылга диэри Арассыыйа докумуонугар көһөрүөхтэрэ. Эһиил бэс ыйыгар диэри эрэгийиэннэргэ федеральнай уорганнар бары бэйэлэрин структураларын тэрийиэхтэрэ. Онон олохтоохтор миэстэтигэр туох баар докумуоннарын ситэрэр кыахтаныахтара. Федеральнай бүддьүөт эмиэ эһиилгиттэн саҕалаан бу эрэгийиэннэри хабан барыаҕа. Билиҥҥитэ ханнык федеральнай уокурукка сысталлара, эрэгийиэннэр истэригэр хас муниципальнай тэриллии хаалара быһаарылла илик. Алта ый иһинэн муниципальнай тэриллиилэр кыраныыссалара барыта быһаарыллыах­таах. Ону таһынан сокуоннарга Запорожье уобалаһыгар атомнай эниэргийэни куттала суох туттуу усулуобуйата эбии киирэн биэрбит. Санатан эттэххэ, манна Европаҕа саамай улахан атомнай ыстаансыйа турар.

Дьэ, онон, 2022 сыл балаҕан ыйын 30 күнэ – ДНӨ, ЛНӨ, Запорожье, Херсон уобаластара Арассыыйа састаабыгар кии­рэллэрин туһунан РФ бэрэсидьиэнин Владимир Путины кытары дуогабар баттаспыт күннэрэ – дойдубут устуоруйатыгар биир умнуллубат бэлиэ даатанан буолла. Саха киһитэ кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын дииринии, туох, ханнык эрэгийиэннэр Арассыыйаҕа киирбиттэрин, туох суолта­лаахтарын хаһыаппыт аныгыскы нүөмэригэр сырдатыахпыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

29 секунд ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

45 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago