Салгыы
Арассыыйаҕа бэнсиин сыаната ордук Саха сиригэр үрдээтэ

Арассыыйаҕа бэнсиин сыаната ордук Саха сиригэр үрдээтэ

Ааптар:
08.05.2024, 10:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Быйыл муус устар 23 күнүттэн ыам ыйын 2 күнүгэр диэри бэнсиин сыаната дойду үрдүнэн барыта 46 субъегар, ол иһигэр Ямало-Ненецкэй аптанымайалаах уокурукка (+1,8%) үрдээбитин туһунан Арассыыйатааҕы статистика управлениета иһитиннэрдэ.

Оттон сыана намтааһына 7 эрэгийиэҥҥэ бэлиэтэнэр, ол иһигэр ордук Забайкальскай кыраайга уонна Сахалин уобалаһыгар (1,1 %).

Нэдиэлэ устата дойдуга уматык сыаната түөрт көрүҥэр үрдээбит: АИ-92 — 4 харчы, АИ-95 — 8 кэппиэйкэ, АИ-98 уонна онтон үрдүк — 7 кэппиэйкэ, дизельнэй уматык  — 4 харчы.

Бу дааннайдары үөрэтэн көрдөххө, бэнсиин сыаната ортотунан муҥутуур намтаабыт —  Комига (49,44 солк.), онтон ордук эбиллибиттэр — Саха сиригэр (69,27 солк.), Сахалиҥҥа (68,68 солк.) уонна Магадан уобалаһыгар (66,4 солк.).

«Парламентская газета» суруйарынан, дойдуга бэнсиин сыаната быйыл кулун тутар ый түмүгүнэн 8%-нан эбиллибит. Ордук АИ-98 уонна онтон үрдүк уматык -11%-нан, итинтэн муҥутуур кыратык АИ-92 мааркалаах бэнсиин (7,3%) сыаната үрдээбит.

+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: