Салгыы
Арассыыйаҕа биирдиилээн атыы-эргиэн намтаата

Арассыыйаҕа биирдиилээн атыы-эргиэн намтаата

17.11.2022, 12:05
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйыгар Арассыыйаҕа биирдиилээн  атыы-эргиэн  намтаабыта бэлиэтэннэ.

Статистика көрдөрүүтүн намтааһына олунньу ыйтан саҕаламмыта. Ыам ыйыттан былырыыҥҥыны кытта  тэҥнээтэххэ, көрдөрүү олох намтаата.

Арай 18 эрэгийиэҥҥэ эрэ розничнай атыы-эргиэн көрдөрүүтэ кэминэн. Ол курдук, Кавказка бу көрдөрүү  10%-нан Кабардино-Балкарияҕа үрдүк, онтон Дагестан,  Чечня уонна  Ингушетия кэлэллэр.

Уһук Илин уокуругар да куһаҕана суох көрдөрүү бэлиэтэнэр. Манна розничнай атыы Приморскай кыраайга, Саха сиригэр , Камчаткаҕа, Чукоткаҕа уонна Магадааҥҥа үрдээбит. Сибиир эрэгийиэннэриттэн  Челябинскай, Мордовия, Костромской уонна Псковскай  уобаластары уонна  Ямало-Ненецкэй АУо ааттыахха сөп.

Аллараа түһүү  киин куораттарга Москваҕа, Санкт-Петербурга, Московскай, Свердловскай, Ярославскай   уонна Архангельскай уобаластарга, Карелияҕа, Коми Өрөспүүбүлүкэтигэр, Астраханскай уобаласка, Ставропольскай кыраайга,  Карачаево-Черкесияҕа, Адыгеяҕа уонна Севастопольга бэлиэтэнэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 87% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: