Арассыыйаҕа фастфуду оҕолорго атыылыыры хааччахтыыр туһунан этиини киллэрбиттэр
Аныгы бэлиитикэ кыһалҕаларын чинчийэр институт дириэктэрэ Антон Орлов Судаарыстыбаннай Дуумаҕа, Федерация Сэбиэтигэр уонна РФ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтигэр 18 саастарын туола илик оҕолорго фастфуд атыытын бобууну көрөллөрүгэр этии киллэрбит. Туһааннаах суругу Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенкоҕа, Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлигэр Вячеслав Володиҥҥа уонна Доруобуйа харыстабылын миниистиригэр Михаил Мурашкоҕа ыыппыт.
“Арыгы уонна табах бородуксуйатын курдук 18 саастарын туола илик оҕолорго фастфуд атыытын боборго федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэриигэ тоҕоостоох сыанабылы биэрэргитигэр көрдөһөбүн”- диэн сурукка этиллибит.
Бу курдук хааччаҕы киллэрии үүнэр көлүөнэ бэйэтин туруга уонна тас көстүүтэ үчүгэй буоларыгар уонна, уопсайынан, нация доруобуйатыгар сабыдыаллыаҕа диэн Орлов санаатын эппит.
Сөпкө аһыыр үөрүйэх оҕо сааска олохсуйар диэн кини бэлиэтиир. Оҕо фастфуду сиэтэҕинэ этэ-хаана эниэргийэтин бараабакка эрэ, улахан эниэргийэни ыла үөрэнэн хаалар кутталлаах.
“Онон эрдэҕэс оҕолор улааталларын саҕана номнуо ордук ыйааһыннаах уонна сүрэх-тымыр ыарыылара сайдар төрүөттээх буолаллар” – диэн дириэктэр быһаарбыт. Ити туһунан киин сонун тарҕатар ситимнэр суруйаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: