Арассыыйаҕа төрөппүт буолар дьону генетическэй ыарыыга бэрэбиэркэлиэхтэрэ

Арассыыйаҕа төрөппүт буолар дьону генетическэй ыарыыга бэрэбиэркэлиэхтэрэ

27.01.2025, 14:36
Хаартыска: www.perfectstock.ru
Бөлөххө киир:

Арассыыйа былааһа оҕоҕо удьуорунан бэриллэр ыарыы куттала баарын-суоҕун быһаарар инниттэн,  төрөппүт буолар дьоҥҥо генетическай ыарыыларга тест оҥоруутун киллэрэр санаалаах. Бу Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕын кытта сибээстээх диэн ТАСС суруйар.

“Биирдиилээн, ол иһигэр орфаннай ыарыылары булар инниттэн, инникитин оҕо төрөтүөн баҕарар дьоҥҥо молекулярнай-генетическэй скринины оҥорууга уонна туһаныыга неонотальнай скрининг бырагырааматын түһүмэхтэринэн кэҥэтиигэ этиилэри киллэриҥ”, – диэн Кириэмил саайтыгар тахсыбыт сорудахтар испииһэктэригэр этиллэр.

Ити курдук соругу федеральнай бырабыыталыстыба уонна эрэгийиэн былаастарыгар туруорбуттар. Этиилэри 2025 сыл ыам ыйын 15 кнүгэр диэри киллэриэхтээхтэр. Бу туһунан ТАСС суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 января
  • -42°C
  • Ощущается: -49°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: