Арчы дьиэтигэр хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ бүттэ
Сэтинньи 15 күнүгэр Дьокуускайга «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура дьиэтэ хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн аһылынна. Дьэ, туох үлэтэ ыытылынна?
Арчы дьиэтэ 2002 сыллаахха тутуллубута уонна ол кэмтэн букатын өрөмүөннэнэ илик этэ. Онон бу хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы Дьокуускай олохтоохторугар дьоһун бэлэх буолла.
— Бу духуобунай култуура киинэ саҥардыллан, араас култуурунай-духуобунай тэрээһиннэр тула дьону-сэргэни түмүө диэн эрэллээхпин. Дьон манна кэлэн, уоскуйар, сынньанар, сайдар, куруук көрдүүр ыйытыыларыгар хоруй булар сылаас эйгэлээх дьиэ буолуоҕар саарбахтаабаппын. Духуобунас, култуура киинин саҥардыллыыта норуоппут духуобунай сыаннастарын бөҕөргөтөргө, түмэргэ туһуланар, — диэн мээр Евгений Григорьев үөрүүлээх аһыллыы кэмигэр эттэ.
Хапытаалынай өрөмүөнү бэдэрээтчит «Капитал -М» ХЭТ (генеральнай дириэктэр Ильин В.И) ыытта. Үлэ от ыйыттан саҕаламмыта. «Олоҥхо», «Эйгэ», «Арчы» саалалара, аччыгый сиэр-туом хоһо толору өрөмүөннэннилэр. Саалаларга мас муосталарын аныгылыы керамогранит матырыйаалга уларыттылар.
Маны тэҥэ, киирэр аан таһынааҕы хоско, көрүдүөргэ, үлэлиир кэбиниэттэргэ, бибилэтиэкэҕэ, оробуочай хосторго өрөмүөн ыытылынна. Киирэр аарка эмиэ саҥардылынна. Таһырдьа аспаалы уларытыы, тимир күрүөнү көтүрэн, саҥаҕа уларытыы, о.д.а. үлэлэри ыыттылар диэн Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: