Салгыы
«Арыгы сокуона»: күннээн-күөнэхтээн олорбут эргиэмсиктэр уйаларыгар уу киирдэ

«Арыгы сокуона»: күннээн-күөнэхтээн олорбут эргиэмсиктэр уйаларыгар уу киирдэ

27.08.2023, 11:00
Хаартыска: HTTPS://PXHERE.COM/RU/PHOTO/649860
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр «Арыгы сокуонугар» уларыйыылар киириэхтэрэ. Быйыл саас «Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биирдиилээн арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуон ылыллыбыта. Биһиги ааспыт күһүҥҥүттэн ол туһунан элбэхтик суруйбуппут даҕаны, тустаах исписэлиистэри ыҥыран «төгүрүк остуол» тула олорон кэпсэппиппит даҕаны.

Ыстатыыстыка тугу кэпсиир

Арыгылааһын аныгы уопсас­тыба биир сүрүн кыһал­ҕатынан буоларын бары билэбит. Саха сиригэр эрэ буол­бакка, дойду үрдүнэн бу кыһалҕа сытыытык турар.

Саамай элбэх арыгыны иһэр, нэһилиэнньэ биир киһитигэр тиксэринэн, Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин (World Health Organization) ньыматынан суоттааһынынан,
2020 с. – Белоруссия, Литва, Чехия, Франция уонна Арассыыйа буолаллар. Барыта 41 дойдуга арыгыны иһиини толору боболлор эбит, ол үксүн мусульман дойдулар. Оттон Скандинавияҕа арыгыны иһии­ни бобор анал бырагыраамалаахтара этиллэр. Кытай эмиэ кэнники кэмҥэ арыгы­лааһыны утары күүскэ ылсан үлэлээн эрэр, оннооҕор арыгыттан эмтэниигэ босхо эм­­тиир сирдэри арыйбыт.

Ыстатыыстыка көрдө­рөрүнэн, Арассыыйа үрдүнэн арыгыны иһээччи олус элбэх. Бүтэһик дааннайынан, Арассыыйа сокуоннай сааһын сиппит дьонун 80%-на итирдэр утаҕы иһэр. Аан дойду­тааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин кэлиҥҥи даанна­йынан, Арассыыйа нэһилиэнньэ дууһатыгар ыраас испиири иһэринэн бастакы миэстэҕэ сылдьар.

Чинчийиилэр түмүктэринэн, нэһилиэнньэ 25% кэриҥэ күн аайы итирдэр утаҕы иһэр. РФ Доруобуйатын харыстабылын дааннайынан нэһилиэнньэ уопсай ахсааныттан 8-10% кэриҥэ киһи арыгыһыт. 2019 сыллаах официальнай дааннайынан, Арассыыйа үрдүнэн 45 тыһыынча өлүү-сүтүү арыгылааһынтан тахсыбыта бэлиэтэммитэ.

Оттон Саха сиригэр хайдаҕый? Чопчу статдааннай суох эрээри, кэнники сылларга арыгы атыыта элбээбитинэн көрдөххө, үчүгэйэ суох хартыына көстөр. Биһиги Сахабыт сирэ даҕаны онтон хаалсыбат. Ол иһин сөптөөх дьаһаллар, сокуоннар ылыллаллар.

Арыгы – этиловай ис­­пиир, этанол, ньиэрбинэй систиэ­мэҕэ дьайар наркотик дьа­­йыылаах бэссэстибэ. Арыгы киһи ис туругун кэбирэтэр, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын айгыратар утаҕынан буолар.

Арыгы содула

Эппиппит курдук, биһиэ­хэ арыгылааһын улахан социаль­най кыһалҕанан буолар: итирдэр утаҕы иһии нэһилиэн­ньэ доруобуйатыгар улахан хоромньуну эрэ буолбакка, атын куһаҕан сабыдыалы эмиэ оҥорор.

Арыгы – этиловай ис­­пиир, этанол, ньиэрбинэй систиэ­мэҕэ дьайар наркотик дьа­­йыылаах бэссэстибэ. Арыгы киһи ис туругун кэбирэтэр, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын айгыратар утаҕынан буолар. Арыгылааһын култуурата баарын балачча кэпсииллэр даҕаны, аһыы утаҕы амсайааччы аҕыйыахтааҕар төттөрүтүн элбиир. Туох баар иэдээн, оһол барыта арыгылааһыны кытары сибээстээх. Буруйу оҥорооч­чуттан хас үһүс киһитэ арыгылаан баран сокуону кэһэрин туһунан быраап статистиката көрдөрөр.

Дойду үрдүнэн арахсыы 7% эмиэ арыгылааһыны кытары сибээстээҕэ ыйыллар. Оттон арыгылааһыны кытары сибээс­тээх атын кыһалҕалар: оҕону иитиигэ, үлэттэн уурайыыга, уопсастыбаннай бэрээдэги кэһиигэ, о.д.а. сабыдыалын, ыалдьыыга тириэрдиитин туһунан эппэккэ туран, элбэх. Итинник аахтахха, киһи хараас­тар. Арыгылааһын социаль­най өттүнэн эрэ буолбакка, бары хайысхаҕа сабыдыала улахан кыһалҕаҕа ти­­риэрдэр. Дьэ бу кыһалҕа уруккуттан кыайтарбат. Арыгыны олох бобуох­ха диэччилэр эмиэ бааллар, ол гынан баран, билиҥҥи ырыынак үйэтигэр оннук кыаллыбат. Боптоххо, аны уоран-кис­тээн атыы­лааһын хайысхата сайдыа уонна, судургутук эттэххэ, арыгыны иһэр киһи баарын тухары арыгы атыыта син биир баар буолуоҕа.

Арыгы быстах өлүү-сүтүү, араас ыарыы, суорума суолланыы, ыал арахсыытын, дьиэ кэргэн ыһыллыытын, эстиитин, олоҕо огдолуйуутун, оҕо тулаайах хаалыытын, о.д.а. төрүөтүнэн буолар. Арыгыга ылларыы – бу ыарахан ыарыы буолар. Киһи төһө даҕаны  арыгы алдьархайын, куһаҕан содуллааҕын өйдөөтөр-биллэр даҕаны, өйө-санаата хам ылларан, онтон кыайан төлөрүйбэт.

Сокуон олоххо киирдэҕинэ

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн арыгыны атыылыыр уопсас­тыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр эбии хааччахтааһын туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон күүһүгэр киириэҕэ. Сокуон ирдэбилинэн, уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ кыччаабыта 75 кв. миэтэрэ иэннээх буолуохтаах. Оччоҕо «сымыйа кафелар» уонна «наливайкалар» сабыллыахтара. Аны туран итирдэр утаҕынан эргинэр атыы-эргиэн тэрилтэлэрэ оскуолалартан, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыттан аччаабыта 300 миэтэрэ тэйиччи буолуохтара. Уһуйааннартан, успуорт уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэриттэн, аэропортартан, баксааллартан, байыаннай эбийиэктэртэн 200 миэтэрэ тэйитиллиэхтэрэ.

Аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускай куорат дьаһалтатын мунньаҕар эппиттэринэн, Дьокуускайга полицията, куорат уопсастыбаннай балаататын бэрэстэбиитэллэрэ, олохтоохтор кыттыылаах «сымыйа кафелары» уонна «наливайкалары» кэрийэр эриэйдэлэр тэриллиэхтэрэ.

Сокуон олоххо киирдэ даҕаны Дьокуускай куоракка итирдэр утахтарынан эргинэн 63 туочука үлэтэ тох­туохтаах. Сокуон, бастатан туран, элбэх кыбартыыра­лаах ­дьиэлэр аттыларыгар баар кафеларга арыгыны атыы­лааһыны эмиэ хааччахтыа.

Арыгы атыылыыр сир иэнин улаатыннарар со­­куон ылылынна, биир-икки остуолу, устуулу туруоруммут «сымыйа кафелар», кыра маҕаһыыннар сабыллар боппуруостара быһаарыллар кэмнэрэ кэллэ диэххэ сөп. Мин дьиэм аттыгар баар «У Бати» курдук «сымыйа кафе» күнүстэри-түүннэри арыгыны атыылыыр, үксүн илдьэ тахсарга эмиэ атыылыыр. Онон суукканы эргиччи кэриэтэ итирик киһи элбэх.

Баччааҥҥа диэри күннээн-күөнэхтээн кэлбит аһыы утаҕынан эргинэр атыы-эргиэн туочукалара бэрээдэктэнэр күннэрэ үүнэр күннээх эбит диэн эрэл кыыма баар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: