Арыгыттан аккаастаныы – көнөр суолга турунуу

Share

Бу күннэргэ Ил Түмэн Ур­­бааҥ­ҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтигэр ыытыллыбыт мунньаҕар биир­диилээн нэһилиэктэргэ итирдэр утах атыытын бобор туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонун барылын көрдүлэр. “Чөл олох түөлбэтинэн” биллэриллибит, арыгы атыытын бэйэтин маҕаһыыннарыгар боппут нэһилиэктэр Саха сиригэр аҕыйаҕа суохтар. Ол эрэн, арыгыны бобуу миэрэтэ көдьүүстээх дуо? Быһаарсан көрүөҕүҥ.

 

Арыгыны иһии кыччаан иһэр

Арассыыйаҕа 2006 сылтан арыгыны иһии уонна арыгыттан сылтаан өлүү көрдөрүүлэрэ бэрт тэтимнээхтик намтаан испиттэрэ. Ордук күүскэ арыгылааһын таһыма Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ түспүтэ көстөр. Ол эрэн, бу көрдөрүү биир “ноолоох”. Уһук Илин Арассыыйа атын эрэги­йиэннэрин кытта холоотоххо, саамай иһэр нэһилиэнньэ­лээх.

2010 сылтан Арассыыйаҕа арыгылааһыны утары былаан­наах үлэ ыытыллар. Ити кэмнэртэн дойду үрдүнэн арыгы атыытын хааччахтыыр миэрэ киирбитэ. Ол курдук, киэһэ 23.00 чаастан сарсыарда 8.00 чааска диэри арыгы атыыта бобуллубута. Итини кытта хас биирдии эрэги­йиэн бу хааччаҕы күүһүрдэр бырааптаммыта. Бу быраабы 57 эрэгийиэн туһаммыт, ордук кытаанах хааччаҕы Тыва Өрөспүүбүлүкэтэ (15:00 – 11:00) Чукотка уокуруга (20:00 – 12:00), Саха сирэ (20:00 – 14:00) ылыммыттар. Статистика көрдөрөрүнэн, кытаанах хааччахтары ылыммыт эрэги­йиэннэргэ арыгыны иһии уонна арыгылаан баран буруйу оҥоруу биллэрдик намтаабыта көстөр. Ол эрэн, сорох испи­сэлиистэр бу икки көстүү бэйэ бэйэлэригэр сабыдыаллаахтарын саарбахтыыллар.

Арыгыны утары хампаанньа үчүгэй көрдөрүүлээхтик барбыта харахха быраҕыллар. Итирик туруктаах дьон уулуссаҕа “дьаар­байбат” буолбуттарын бары көрөбүт. 2000-с сыллар эргин оптуобус иһигэр арыгы сыт­таах дьон хайаан да баар буолар этилэр, билигин дэҥ кэриэтэ көрсүөххэ сөп.

Хамсык содула?

“2021 сылтан арыгыны иһии таһыма төттөрү улаатта!” диэн хаһыытыыр төбөлөөх ыстатыйалары аахпыккыт буолуо? Бу этиини, сорох көрдөрүүлэргэ олоҕуран, оруннаах диэххэ сөп. Арыгыны иһиини араас көрдөрүүлэринэн сыаналыыллар. Олортон биирдэстэрэ – арыгыттан тутулуктаах дьон ахсаана. Бу көрдөрүү эмиэ сылтан сыл намтаан испитэ – 2010 сылга 153,9 тыһыынча диагноһа чахчыламмыт арыгыһыт баар эбит буоллаҕына, 2021  сылга дойду үрдүнэн 53,3 тыһыынча киһи иһээччи быһыытынан эмтэниигэ киирбит. Үс төгүл намтааһын – сөҕүмэр ситиһии. Оттон 2022 сыл түмүгүнэн «Здравоохранение в России-2023» отчуокка этиллэринэн, арыгыттан тутулуктаах дьон ахсаана төттөрү улааппыт. 54,2 тыһыынча киһиэхэ тиийбит. Араас чинчийээччилэр сүрүннээн бу көстүү хамсык хааччахтарын кэмигэр дьиэҕэ бүгүү содула буолуон сөп дииллэр.

Маны «Сбербаан» дьон харчыны барыыр дааннайдарын ырытыыта бигэргэтэр: харантыын кэмигэр “Арыгы маҕаһыына” диэн хайысха саамай улааппыт атыы эйгэтэ. Эбэн эттэххэ, Арассыыйа соҕотох буолбатах. Аан дойду үрдүнэн арыгы атыыта  2,9%  эбиллибит. Бу ааспыт 50 сыл устатыгар саамай улахан үрдээһининэн буолар.

Оннук дуо?

1985-1990 сылларга арыгыны утары ыытыллыбыт хампаанньа норуокка ситиһиитэ суох тэрээһин курдук өйдөбүлү хаалларбыт. Ол эрэн, сыыппаралар атыны этэллэр. Арыгы атыыта биэс сыл иһигэр 2,5 төгүл намтаабыт. Ити сылларга олох олоруу, ортотунан,  уһаа­быта, төрүөх ахсаана элбээбитэ, өлүү ахсаана кыччаабыта. Холобур, билиҥҥи ааҕыылар көрдөрөллөрүнэн,  сыл аайы 500 тыһыынча кэриҥэ эбии оҕо төрөөбүтэ биллэр. Олортон мөлтөх доруобуйалаах төрүүр оҕо ахсаана  8% нам­таабыт. 5 сыл иһигэр уопсай билгэлээһинтэн 1,3 мөлүйүөнүнэн аҕыйах киһи өлбүт. Үк­сэ үлэ­лиир саастаах эр киһи – экэ­ниэмикэҕэ саамай улахан оруоллаах дьон. Онон но­руот “лимиит арыгыттан” төһө да кыйаханнар, “сухой сокуон” дьиҥнээх туһаны аҕалбыта саарбаҕа суох.

Уопсайынан, “бобуу үлэлээбэт” диэн үгүс эйгэҕэ сөптөөх этии бу хайысхаҕа атын. “Ханнык баҕарар наркотигы, дьону тутулукка киллэрэр дьаллыгы хааччахтаа­һын дьайыыны намтатара көстөр” диэн аптарытыаттаах чинчи­йээччилэр статистикаҕа сигэнэн этэллэр.

Саха сиригэр арыгы атыылыыр кэми хааччахтаа­быттара бу этиини бигэргэтэрэ көстөр. Сыыппараларга да сигэниитэ суох, дьон арыгыны иһэрэ аччаабыта күннээҕи олоххо көстөр.

Хааччахтааһын өлөрөр?

Арыгы хааччаҕын утараач­чылар икки сүрүн этии­лээхтэр. Бастатан туран, хааччахтаа­һын киирбит сиригэр сокуоннайа суох атыы­лааһын үөдүйэр. Иккиһинэн, дьон хаачыстыбата бигэргэммит арыгы оннугар саарбах хаачыстыбалаах арыгыны кытта иһэргэ анамматах суурадаһыннары иһэр.

Кырдьык, бу баар суол. Бары даҕаны арыгы атыыламмат сиригэр “туочука” диэн ааттанар, арыгыны кистээн атыылыыр сирдэр хайаан да баар буолалларын билэбит. Ону кытта, одьукулуону, ыраас­тыыр суурадаһыннары иһии эмиэ баар суол. Бу мантан сылтаан дөрүн-дөрүн иэдээн тахсааччы. Таатта улууһун Баайаҕатыгар 2020 сыл сэтинньитигэр антисептиги иһэн, 7 киһи сүһүрэн суорума суол­ламмыта. Былырыын муус устарга Чурапчы Одьулуунугар  сымыйа буокканы иһэн, икки киһи ИВЛ аппараатыгар холбонор турукка киирбитэ, биирдэрэ өрүттүбэтэҕэ.

Ол эрэн, билигин маннык түбэлтэ элбэх буолбатах. Хонтуруол кы­таанах, ити икки түгэҥҥэ кутталлаах бородууксуйаны оҥорон таһаа­раач­чылар, тарҕатааччылар сөптөөх эп­пиэккэ тардыллы­быттара. Оттон арыгы харах далыттан сүппүт сиригэр арыгы иһии­тэ эмискэ намтыыра саарбаҕа суох. Ары­гылаан баран “бытык умайан” салгыыр кыах суох буоллаҕына, тоҥон өлүү, охсуһуу, өлөрсүү лаппа аҕы­йыыр. Итирдэр утах булбакка испэтэх киһи дьиэтигэр иир­сээн үөскээбэт, нус-хас, үтүө олох үрэллибэт.

Чөл олох түөлбэлэрэ

2021 сыл туругунан, Саха сирин үрдүнэн арыгы атыытын олоччу боппут сэлиэнньэлэрэ 188 этэ. Олохтоохтор бары биир күн испэт дьон буолбуттара диир сатаммат эрээри, бу көҕүлээһин үтүө көрдөрүүлээҕин статистика итэҕэппитэ. Чөл олох түөлбэлэригэр, атын сирдэргэ хо­лоо­тоххо, сокуону кэһии 6 төгүл намыһах.

Тугу даҕаны атыны учуоттаабакка, аҥаардас бу сыыппараларга сигэннэххэ, арыгыны бобуу улахан туһалааҕа көстөн кэлэр. Оттон арыгыттан сыл­таан доруобуйа мөлтөөһүнүн, ыал олоҕо сатарыйарын, оҕо үөрэҕэ мөлтүүрүн, үлэ хаачыс­тыбата мөлтүүрүн суокка ыллахха, Ил Түмэн Урбааҥҥа уонна туризмҥа кэмитиэтэ олус туһалаах сокуон барылын ырыппыта дьэҥкэ өйдөнөр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускай куоракка 67 саастаах суоппар массыынанан киһини түҥнэри көппүт

Алтынньы 30 күнүгэр Дьокуускай куоракка 67 саастаах суоппар «Тойота Ленд Крузер Прадо» массыынанан 26 саастаах кыыһы…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уһук Илиҥҥэ баҕа өттүнэн бастыҥ баһаарынай сулууспатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум хамаандата ааттанна

Алтынньы 30 күнүгэр РФ Гражданскай оборуонаҕа министиэристибэтин Приморскай кыраай сүрүн управлениетын бирикээһинэн Владивосток куоракка ыытыллыбыт…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолла

Сэтинньи 1 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолар. Бу…

44 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэтинньи – Байанай ыйа

Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

2 часа ago