Салгыы
Аскалон Павлов: «Олорбут олохпуттан кэмсиммэппин»

Аскалон Павлов: «Олорбут олохпуттан кэмсиммэппин»

19.11.2023, 11:00
Хаартыска: Аскалон Павлов архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Саха эстрадатын сулуһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Аскалон Павлов саха дьонугар-сэргэтигэр бөлүһүөктүү ис хоһоонноох ырыаларынан биллэр. Кини саха эстрадатыгар дьиҥ саха эр киһитин уобараһын биэрэр аксакал ырыаһыппыт буолар. Бүгүн Аскалон Павловы кытта төрөөбүт тыл дьылҕатын, саха билиҥҥи эстрадатын, кэлэр кэскил туһунан кэпсэтиибитин билиһиннэрэбит.

Байанайдаах сэтинньи

— Аскалон, сэтинньи эн айар үлэҕэр байанайдаах буолла диэн көрөбүн. Ол курдук, айар кэнсиэриҥ таһынан аны бу сотору улахан кыыскын Луизаны кытта эмиэ кэнсиэрдиэхтээххин.

— Чахчы, бу ыйга Эстрада тыйаатырыгар 100 миэстэлээх саалаҕа кэнсиэртиэм. Ити тыйаатыр иһинэн үлэбит сүнньүнэн былаан быһыытынан ыытыллыахтаах кэнсиэр буолар. Оттон кыыспынаан Луизалыын «Амор» банкеттыыр саалаҕа сэтинньи 18 күнүгэр кэнсиэртиэхтээхпит. “Эйигин кытары” диэн Луиза бар дьоҥҥо биллэр ырыатынан кэнсиэрпитин ааттаатыбыт. Бар дьоммутугар аҕа кыыһынаан диэн дьоро киэһэни тэрийэрбит олус үчүгэй. Оттон дьиҥнээх бэйэм айар киэһэбин улахан түһүлгэҕэ оҥорбут киһи дии саныыбын. Ол эрээри, тоҕо эрэ сүрэҕим тэппэт курдук. Улахан тэрээһин үтүмэннээх сыраны-сылбаны эрэйэр буоллаҕа.

Хаартыска: Аскалон Павлов архыыбыттан.

Бэйэ тыллаах дьол буоллаҕа

— Биһиэхэ билигин төрөөбүт тылбытын сүтэрии куттала баар диэн көрөбүн. Эн «Бэйэ тыла» диэн саҥа ырыаҥ саха норуотугар ыҥырыы курдук иһиллэр…

— Быйыл Лэкиэс «Аартык» диэн устуудьуйатыгар “Бэйэ тыла” диэн биир саҥа ырыаны оҥорон таһаардыбыт. Бу тылларын суруйбутум адьас ыраатта. Саха дьоно нууччалыы чоргуйа сылдьалларын истэр олуона баҕайы курдук буолааччы. Мин саныахпар, бэйэтин ытыктанар, омук быһыытынан бэйэтин норуотун өрө тутар киһи оҕолорун нууччалыы тылынан ииппэт. Маннык иитиини мин табыгаһа суох диэн көрөбүн. Ютуб, интэриниэт, майнкрафт оҕолоро дииллэрин өрүү истэбин. Биһиги дьиэ кэргэн оҕолорбутун сахалыы саҥардарга дьулуһабыт. Оҕо ханнык тылынан саҥарара төрөппүттэртэн улахан тутулуктаах буоллаҕа. Төрөппүттэр оҕолорун кытта сахалыы кэпсэтэр, онно кыһаллар буоллахтарына, оҕо хайдах сахалыы саҥарыа суоҕай? Хааныгар сахатын тыла сылдьар буоллаҕа эбээт. Холобур, саха гимназиятыгар саха сирэйдээх эрээри, нууччалыы саҥарар оҕолор баалларын бэлиэтии көрөбүн. Оннооҕор оскуолаҕа сиэннэрин ыла кэлбит эбээлэр, эһээлэр саха сирэйдээх сиэннэрин кытта олуттаҕас баҕайытык нууччалыы кэпсэтэллэр. Тоҕо тэптэрэн биэрэн оҕолорун кытта нууччалыы кэпсэтэллэрин сөҕөбүн эрэ. Бу «Бэйэ тыла» диэн ырыабын сахам дьонугар ийэ тылбытын иччилиэххэйиҥ диэн ыҥырыы быһыытынан анаан суруйбутум. Төрүт тылбытын төрүттүөххэ, салҕыахха диэн соруктаах айыллыбыта. Уһуйааннарга, оскуолаларга саха тылын чааһын элбэтиэххэ наада диэн көрөбүн. Ити тоҕо кыаллыбата буолла?

Бэйэтин тылын оҕо үөрэтиэхтээх, билиэхтээх. Мин бу туһунан этэ сатаабытым ыраатта. Күн ахсын саха тылын уонна литэрэтиирэтин уруоктара ыытыллыахтаахтар дии саныыбын. Оҕолорбут сахалыы “Мичээр” диэн уһуйааҥҥа сылдьаллар. Дьэ, манна сахалыы уус-уран айымньыга, оонньууларга оҕолору уһуйаллар. Онон, түгэнинэн туһанан, бу уһуйаан
дириэктэригэр, үлэһиттэригэр махтаныам этэ. Киһи ийэ тылынан мунньахтыахтаах, тэрээһини ыытыахтаах. Төрөөбүт ийэ тыллаахпыт ама дьол буолбаат?

— Сөпкө этэҕин, оччотугар аныгы тэтимнээх олоххо сахабыт тылын хайдах тутан хаалабыт? Тыла суох омук суох. Саха эстрадатыгар ити хайысха сайдыыта, эн көрдөххүнэ, хайдах сайдан иһэрий?

— Саха эстрадатыгар хас биирдии ырыаһыт туспа суоллаах-иистээх. Үгүстэр сахалыы ыллыы сатыыллар. Саха эстрадатыгар саха тылын сайыннараары ыллыыллар дии саныыбын. Оттон тус бэйэм туһунан этэр буоллахха, мин хоһооҥҥо улахан болҕомтону уурабын, кини тылыгар-өһүгэр. Бу биһиги кэнчээрилэрбитин, ыччаппытын үөрэтэр, такайар
соруктаах. Ырыаһыт уус-уран сахалыы тылынан хоһоон, ырыа суруйан ыллыыр буоллаҕына, ол дьоҥҥо эмиэ дьайар, тоҕо диэтэххэ ырыа-хоһоон дьону угуйар. Билигин үгүс киһи ырыа суруйар. Онон ырыа айааччылар, ыллааччылар тылларын-өстөрүн көрүнүөхтэрин, итиннэ улахан болҕомтону ууруохтарын наада.

Уол оҕону хорсун, харса суох гына иитиэхтээхпит

— Дойдумсах, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу тыынын оҕолорбутугар, ыччаппытыгар хайдах тиэрдэбит, иитэбит? Уол оҕону иитиигэ тус көрүүҥ.

— Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу оҕо кыра сааһыттан саҕаланар дии саныыбын. Ордук аҕаларга туһаайан этэр буоллахха, аҕа уолун кыра сааһыттан булка-алка, айылҕаҕа сырытыннаран, улахан өрөгөйдөргө илдьэ сылдьан иитэн таһаарар дии саныыбын. Биһиги дьиҥнээхтик төрөөбүт тылынан киэн туттар оҕону иитэн таһаарыахтаахпыт. Сахалар бэйэбит өйдөһөр ийэ тыллаахпыт, туспа литэрэтиирэлээхпит, суруйааччылардаахпыт, ырыаһыттардаахпыт. Онон бу тылбытын туһаныахтаахпыт, сайыннарыахтаахпыт. Хас биирдии төрөппүт оҕотуттан сахалыы саҥаны ирдиирэ буоллар хамсааһын тахсыа этэ. Мин ити сахалыы ойуулуктары, киинэлэри оҥорор, айымньылары айар дьоҥҥо өрүү махтана саныыбын. Ол эрээри сахалыы киинэлэри, ойуулуктары оҥорор дьон эмиэ тылы-өһү туттууга болҕомто ууруохтарын наада. Оттон уол оҕону иитиигэ тус көрүүм туһунан этэр буоллахха, уол оҕону хорсун гына иитиэххэ наада. Кини онтон-мантан куттанан дугдуҥнуу сылдьыа суохтаах. Уол оҕону кыра сааһыттан эт-сиин өттүнэн кыахтаах гына иитиэххэ наада. Тустууга, буоксаҕа биэрэн бэйэтин иннин көрүнэн гына иитэр олус наада дии саныыбын. Кыра сааһыттан куттас буола улааппыт уолтан хорсун эр киһи үүммэт. Онон оҕо эрдэҕиттэн куттаммат, харса суох гына иитэн таһаарыахтаахпыт. Ол эрээри уол оҕо аҕатыттан толло улаатыахтаах, ытыктыахтаах, таптыахтаах уонна аҕатын батыһыахтаах.

Хаартыска: Аскалон Павлов архыыбыттан.

Ааспыты эргиллэн көрдөхпүнэ…

— Аны тус олох, айар үлэ туһунан кэпсэтиэх. Киһи олоҕор түһүү-тахсыы үгүс буолар. Кэннигин хайыһан көрөн баран тугу эрэ сиппэтэхпин диэн санаа баар дуо?

— Хас биирдии киһи олоҕор түһүү-тахсыы эрэ буолбакка, үөрүү, өрө көтөҕүллүү эмиэ баар буолар. Бу айылҕабыт оннук оҥордоҕо. Дьол уонна сор сэргэстэһэ сылдьаллар. Киһи
санаатын кыра аайыттан түһэриэ, дьонтон бэйэтин намыһахтык сананыа суохтаах. Өскөтүн, эн илиитэ-атаҕа да суох буоллаххына, дьонтон хаһан даҕаны итэҕэс сананыа суохтаах-
хын. Билигин кэннибин хайыһан эргиллэн көрдөхпүнэ, эмиэ даҕаны сүрдээх үчүгэй олоҕу олорон кэллим дии саныыбын. Этиллибитин курдук, түһүү-тахсыы ханна барыаҕай? Үөрүүлэр да, хомолтолор да бааллара. Кэрэ да кэмнэр, аһыы-ньулуун барыта баара… Ол эрээри, бу толкуйдаан көрдөххө, сороҕор киһи хайдах эрэ тус бэйэтиттэн тэйэн, аралдьыйа түһэн арыый атыннык олоруом эбитэ дуу диэн саныыр эрээри, бу кэнникитин кыра оҕолордонон эҥин баран, ээ мин сөпкө санаммыт эбиппин диэн саныыбын. Урут хайдах эрэ саарбахтыыр буоллахпына, билигин олох саарбахтаабаппын. Тоҕо диэтэххэ, кыра оҕолордоохпун, ол иһин оҕолорбун улаатыннарыахпын, киһи-хара оҥортуохпун баҕарабын. Кинилэри наһаа таптыыбын. Билиҥҥи олохпунан астынабын. Кэргэним барахсан сымнаҕас майгытынан, сүбэтинэн-аматынан олоробун. Кини өрүү ыйан-кэрдэн биэрэр. Онон барытын биир сүбэнэн оҥоробут. Олохпор таба үктэммиппин диэн испэр үөрэбин, туохтан даҕаны кэмсинэр санаам суох. Буолар буолбутун кэннэ «оо оннук гыммакка» диэн санаа киһиэхэ барытыгар баар буоллаҕа. Оттон сиппэтэхпин диэн санаа миэхэ төрүкү суоҕа. Олох кэрдииһин батыһан олох устун баран истэхпит дии.

Саха дьоло

— Саха киһитэ сааһырдаҕына дойдумсах буолар. Төрөөбүт дойдугар, дьоҥҥор-сэргэҕэр талаһыы, ахтылҕан күүһэ баар дуо? Баҕар, киэҥ эйгэҕэ үөрэнэн чуумпуну атарахсытар буолаайаҕын…

— Бу олус дириҥ ис хоһоонноох ыйытыы буолла. Мин элбэх оҕолоох ыал мурун бүөтэ кыра оҕолоро буолабын. Ол эрээри, бииргэ төрөөбүттэрим бары ыал дьон, сааһыран, туспа кыһалҕалаах олохтоох буоллахтара. Дойдубар эдэр эрдэххэ барар-кэлэр этим. Кыра оҕолордоох аҕа буоламмын барар-кэлэр да ардыгар кыайтарбат. Бултуу-алтыы манна бырааппынаан чугастыы Тааттаҕа баран кэлээччибит. Хас биирдии киһи дойдутун сүрэҕин иһигэр илдьэ сылдьар. Дойдутун ахтыбат киһи суоҕа буолуо дии саныыбын. Түүн оннооҕор санаабынан дойдубар тиийээччибин. Хас биирдии саха киһитэ ааспыт кэми эргитэн, оҕо саас, эдэр саас сырдык кэмнэрин саныыр түгэннэрдээх буолар. 1986 сылтан куорат киэҥ эйгэтигэр кэлбитим, онон дойдубуттан тэйбитим төһө да ырааттар, дойдубар ахтылҕаным күүһэ, санаа-оноо талаһыыта ханна барыаҕай, баар бөҕө буоллаҕа. Аармыйаттан кэлээт дойдубар тохтообокко быһалыы манна, куоракка ааспыт киһи буоллаҕым. Онон бу эйгэҕэ үөрэммитим чахчы, ыраатта. Ол эрээри чуумпуну олус сөбүлүүбүн, балысхан кэлии-
барыы, сүпсүлгэн куоратыгар туспа сайылыкка эбэтэр тыаҕа тахсан сыттахпына, мас дьиэ сытын ыллахпына, итии, хойуу үүттээх чэйи истэхпинэ, таһырдьа тахсан үлэлээн-хамсаан тигинэттэхпинэ, миэхэ онтон ордук дьол суох буолар. Мин маннык чуумпуга уһаммыта буолабын, иһирдьэнэн-таһырдьанан сылдьан күннээҕи үлэни үмүрэтэбин. Саха киһитин дьоло бу буоллаҕа.

Саха эстрадатын тула санаа

— Билиҥҥи олохпут социальнай ситим көмөтүнэн аһаҕас буолла. Төлөпүөн тула олохпут эргийэр. Эн киэҥ эйгэҕэ биллэр-көстөр киһи көрдөххүнэ, урукку эстрада уонна билиҥҥи эстрада эйгэтэ, ырыаһыттара уратылаһыылара туохханый?

— Билигин дьэ, олохпут төлөпүөн тула эргийэр. Урут хайдах төлөпүөнэ суох олорбуппутуй диэн саныыбыт. Толкуйдаан сонньуйан ылабыт. Төлөпүөнү тутан баран уһун күнү быһа олорор, мин санаабар, табыгаһа суох дьыала буолар. Киһи кэмигэр көрүөхтээх, суруйсуохтаах буоллаҕа. Ол гынан баран, төлөпүөннэниэхпиттэн мин тоҕо эрэ нууччалыы саҥаран барбатым. Төһө даҕаны 1986 сылтан төрөөбүт ыырбыттан тэлэһийбит киһи билигин нууччалыы олох куһаҕаннык саҥарабын ээ. Тоҕо диэтэххэ, толкуйум сахалыы буоллаҕа дии. Нууччалыы уустук тыллары өйбөр сатаан буһарбаппын. Бэлиитикэ тылларыгар чугаһыы да сатаабаппын. Бу санаабын ити билиҥҥи эстрада эйгэтин кытта ситимнээн этэр буоллахха, урукку эстрада уонна билиҥҥи эстрада уратылаһыыларыгар тохтоотоххо, урут, биһиги саҥа эстрадаҕа кэлиибитигэр тыыннаах муусука баар этэ. Ханнык да фонограмма диэн суоҕа. Ол эрээри, билигин Эстрада тыйаатырын иһинэн дириэктэр Татьяна Николаевна Чаранская көҕүлээһининэн, икки тыыннаах бөлөх баар. Мин тыыннаах бөлөххө ыллыырбын сүрдээҕин астынабын. Уопсайа сэттэ ырыаны оҥордубут. Өссө да чочуйа сылдьабыт. Билиҥҥи эстрадаҕа тыыннаах бөлөх баар буолбутуттан үөрэбин. Маннык ыллыыртан ордук туох да суох. Тыыннаах муусуканы туруоруу элбэх үлэттэн, сыраттан тахсар. Урукку эстрада ырыа-тойук, үҥкүү буоллаҕына, билигин аныгылыы мюзикл эҥин эбиллэн биэрдэ диэххэ наада.. Уратылаһыыта онно сытар.

Тулхадыйбат санаалара…

— Олоххо тутуһар санааҥ.

— Олоххо тутуһар санаа диэн сүрүн хорук санаа буолар. Бу киһи тулхадыйбат буолуута дэнэр. Мин оҕо эрдэхпиттэн оннук саныыбын, ылынабын. Сөбүлээбэт, ылыммат өрүтүм элбэх. Холобур, сиэбигэр биир да кэппиэйкэтэ суох дьон эмиэ баар, ол эрээри дьону кытта тэҥ буолаары эбэтэр үрдүү сатаан итини оҥордум, маны оҥордум диэн чабыланан таах кураанаҕы эрдэр, тылыгар турбат дьону олох сөбүлээбэппин. Биир бэйэм эппит тылбын, болдьоспут кэммин уларытааччым суох. Хойутуурбун, бытаарарбын олох сөбүлээбэппин. Дьоҥҥо эппит тылбын толорорго дьулуһабын, дьонтон иэс көрдүүрбүн олох сөбүлээбэппин. Хайдах эрэ инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сылдьыбытым ордук дии саныыбын. Ити хаачыстыба оҕо эрдэхпиттэн иҥмит эбит. Чэнчис, бэрээдэктээх буолууну ордоробун. Сүрүн олоххо тутуһар санаам — дьиэ кэргэним буолар. Оҕолорбутун этэҥҥэ иитэн, киһи-хара оҥорон таһаарар санаалаахпыт. Кэргэним сүрдээх холку, киэҥ көҕүстээх киһи. Онон биир сүбэнэн олоробут. Саха киһитигэр онтон ордук туох даҕаны наадата суох. Олоххо туруоруммут барылларбын толорон иһэбин. Биир чопчу туһаайыынан айанныырбын сөбүлүүбүн. Онон-манан эргитэрбин,
ньуолбардыырбын олох сөбүлээбэппин.

Хаартыска: Аскалон Павлов архыыбыттан.

Бэйэ бодобутун тардына сылдьыаҕыҥ

— Түмүккэ, төрөөбүт тылбытын тутан хааларбыт туһугар туох үлэ ыытыллыахтааҕый?

— Төрөөбүт тылбыт сайдарын туһугар бары бииргэ кыһаллыахха диэн маарыын этэн аһарбытым. «Бэйэ тыла» ырыабар ити эмиэ этиллэр. Бары бииргэ кыһамматахпытына, хантан барыта кыаллыаҕай. Тылбыт сүттэ даҕаны омук быһыытынан эстэбит, сүтэбит. Бүрээттэр курдук буолуохпут. Биһиги кыра омук буолбатахпыт. Онон күргүөмүнэн төрөөбүт тылбыт чаастарын уһуйааннарга, оскуолаларга элбэтэн эрэ өрүһүйэр кыахтаахпыт. Оччоҕуна эрэ оҕолорбут ийэ тылларынан саҥарар, ийэ тылларын ытыктыыр буола улаатыахтара. Сахабыт тылыгар кыһаллар, үлэлэһэр дьон элбэх, эн да олортон биирдэстэрэ буолуоҥ, Уля, эһиги, сахалыы суруйар хаһыат, эмиэ сүрүн үлэни оҥоро олороҕут. Ол иһин бары кыһаныахтаахпыт, үлэлэһиэхтээхпит.

Билиҥҥи кэмҥэ барыта күүлэй, социальнай ситим буолан эрэр. Кэргэним этэр ээ, бу эйгэни тупсарыыга дьахталлар кыһаллыахтаахтар диир. Онуоха биһиэхэ төттөрүтүн дьахталларбыт социальнай ситимҥэ нууччалыы-сахалыы булкуйан суруйаллар, арҕаа омуктары үтүктэллэр. Дьиҥэ, дьиэ кэргэн ис эйгэтин ийэ оҥорор. Аҕа онно көх-нэм буолан көмөлөһүөхтээх. Биһиги бэйэбит төрөөбүт тыллаахпыт, уус-уран тыллаахпыт эбээт! Ийэлэр, эбээлэр бары дьиэ кэргэҥҥэ төрүт тылы сайыннарыыга, сахалыы тыын хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ олохсуйарыгар кыһаллыахтаахтар.

+1
22
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: