“Авдеевскай ааҕыылар” билим-быраактыка V кэмпириэнсийэтэ буолла
Бүгүн Дьокуускай куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы (норуоттар икки ардыларынааҕы кыттыылаах) “Авдеевскай ааҕыылар” билим-быраактыка V кэмпириэнсийэтэ буолла. Тэрээһин эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр олоҕун анаабыт Фатия Иннокентьевна Авдеева төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна.
Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ эбии үөрэхтээһин билиҥҥи кэмҥэ тыҥаан турар боппуруостарын ырытыһыыга Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ педагогтара, учуонайдара, исписэлиистэрэ муһуннулар. Үбүлүөйдээх кэмпириэнсийэҕэ Бүлүү, Сунтаар, Горнай, Хаҥалас, Дьокуускай эбии үөрэхтээһинин тэрилтэлэрин 400-тэн тахса педагога бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр.
Ф.И. Авдеева олоҕор, айар үлэтигэр сыһыаннаах быыстапканы туруордулар. Кэмпириэнсийэ үөрүүлээх аһыллыытыгар тэрийээччилэр Фатия Авдеева эбии үөрэхтээһиҥҥэ киллэрбит сүҥкэн кылаатын бэлиэтээтилэр.
Кэмпириэнсийэ эбии үөрэхтээһиҥҥэ аналлаах алта сиэксийэнэн үлэлээтэ, маастар-кылаастар, истиэндэнэн дакылаат, быыстапка буолла.
Бүлүү улууһун Н.И. Протопопова аатынан Оҕону айар, тобулар дьоҕурун сайыннарар эбии үөрэхтээһин “Кэскил” кииниттэн кэмпириэнсийэҕэ 14 исписээлис кытта кэлбит: Старшай мэтэдиис Анна Слепцова:
— Дириэктэрбит С.А. Васильева эспиэртиир, педагогтарбыт сиэксийэнэн дакылаат ааҕаллар, маастар-кылаас биэрэллэр, мэтэдиистэр стендовай үлэни көмүскээһиҥҥэ бэлэмнэнэн кэллибит.
“2030 эбии үөрэхтээһин” далааһыннаах бырайыак улууспутугар туоларыгар биһиги мэтэдиичэскэй, сүбэлиир, ырытар үлэни ыытабыт. Улууска эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар мэтэдиическэй көмөнү оҥоробут: сэминээрдэри тэрийэбит, биирдиилээн сүбэ-ама биэрэбит, бырайыак суруйалларыгар көмөлөһөбүт. Тэрилтэбитигэр бырайыактыыр кииннээхпит, технопааркалаахпыт уонна быйыл СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн интеллектуальнай сайдыы успуордун киинин арыйдыбыт. Михаил Николаев “Саахыматы — барыларыгар” бырайыага биһиги улууспутугар күүскэ үлэлииригэр көмө оҥорор үлэбитин саҕалаатыбыт. Улуус иитээччиилэригэр уонна учууталларыгар идэ таһымын үрдэтэр куурус ыыттыбыт.
“Авдеевскай ааҕыыларга” бу иннинээҕи сылларга эмиэ кыттыбыппыт, сэҥээрэбит. Дьокуускай куораттааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһын кытта хардарыта үлэлэһэбит, — диэн санаатын кэпсиир.
“Дополнительное образование как пространство воспитания социально-активной личности” секцияҕа балачча киэҥ кэбиниэккэ элбэх киһи сэҥээрэн мустубут. Хаҥалас улууһун Табаҕа оскуолатын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ нэһилиэнньэ көмпүүтэри баһылыырыгыр көмөлөһөллөр эбит. Онтон Дьокуускай куорат 39-с нүөмэрдээх оскуолата былырыыҥҥыттан үлэтин саҕалаабыта. Төһө даҕаны араас улуустартан, оскуолалартан тыһыынчанан араас санаалаах, көрүүлээх оҕолор түмсүбүттэрин иһин, оскуола оҕону социальнай өттүнэн бэйэтин табыгастаахтык сананарыгар, сайыннарарыгар улахан болҕомтону уурбут. “Оскуола аһыллыан инниттэн үлэни саҕалаабыппыт. Олус элбэх үөрэнээччилээх, икки симиэнэлээх оскуола тас кыаҕы туһанар, ситимнээх үлэни сайыннарара ирдэнэрэ көстүбүтэ. Эбии үөрэхтээһин алта хайысхата үлэлиир. Ордук элбэх оҕо уус-уран, успуорт, оҕо уопсастыбыннай хамсааһыныгар хабыллар” – диэн бэилэтииллэр.
Мөлтөхтүк истэр оҕолор оскуолаларыгар “Чаҕыл” муода тыйаатыра номнуо сүүрбэччэ сыл үлэлиир эбит. Үөрэнээччилэр туостан, оҕуруоттан киэргэллэри оҥороллор, тирии, түү таҥастары тигэллэр. Кулгааҕынан истибэт оҕо уопсастыбаҕа миэстэтин буларыгар олус көмөлөөх диэн бэлиэтииллэр. Холобур, биир үөрэнээччилэрэ Технология уонна дизайн кэллиэһин кыһыл көмүс дьупулуомунан бүтэрбит, атын үөрэнээччилэрэ Новосибирскайга үөрэнэ тиийбитигэр эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ өссө устудьуоннуур сылларыгар ыҥыран үлэлэппит, үһүс үөрэнээччилэрэ тас дойдуга олорор, ситиһиилээхтик үлэлиир эбит. Ити курдук биирдиилээн холобурдара үгүс. Дакылаат кэнниттэн эспиэрдэр да, педагогтар даҕаны тустаах оскуола үлэлэрин уопутуттан үллэстэригэр, мэтэдиичэскэй ыйынньык оҥорон тарҕатарыгар баҕа санааларын эттилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: