«Авиалесоохрана» инструктора Александр Краснов Өлүөхүмэҕэ баһаары кытта хайдах охсуһалларын кэпсээтэ

Share

“Авиалесоохрана” хамаандата түҥ тайҕаҕа турбут уоту кытта эрэ охсуспат, нэһилиэнньэлээх пууннарга суоһаабыт уоттары умуруорууга эмиэ кыттыһар, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.  

Дьэ, манна кинилэр саамай сүрүн соруктара – минерализованнай балаһаттан, умайбат сирдэр кытыыларыттан саҕалаан, баһаарга утары уоту ыытыы.

“Биһиги наар тайҕаҕа, бадарааҥҥа үлэлиир буолбатахпыт. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уот суоһаата да, онно барабыт. Утары уот ыытабыт, харабыллыыбыт. Биирдэ уот наһаа түргэнник кэлбитэ. Хата биир бырысыаканы, үрэхтэн тахсар ыллыгы булбуппут уонна ыллык кытыытынан умаппыппыт”, — диэн Өлүөхүмэ улууһун Кочегарово сэлиэнньэтин быыһааһыҥҥа сылдьыбыт Федеральнай  Авиалесоохрана десантнай-баһаарынай бөлөҕүн инструктора Александр Краснов кэпсээтэ.

Авиалесоохрана хамаандаларын Өргүөт, Быракаан, Белай Гора, Сайдыы, Куду Күөл, Киэҥ Күөл сэлиэнньэлэрин быыһыыр бөлөхтөргө киллэрбиттэрэ. Амфибия сөмөлүөттэр уу кутан, баһаары арыый тохтотор кэмнэригэр утары уоту ыытарга минерализованнай балаһаны хаһа охсорго наадалаахтар, диэн этэллэр Авиалесоохранаҕа.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атырдьах ыйыгар күһүн билгэтэ

От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит.  Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүлүү тимир уустара бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы этно-бэстибээлгэ кыайдылар

От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Хаартыска: Аллайыахаҕа хараҥаччыны илимтэн быыһаатылар…

Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин күрэсчиттэрэ дрон күрэҕэр Уһук Илиҥҥэ чөмпүйүөннээтилэр

Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ленскэйгэ 17 саастаах оҕо массыынаны күрэтиигэ сыһыаннааҕын быһаардылар

Суһал иһитиннэриинэн  ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Күн Эко» — экологтары иитэн таһаарар!

Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…

9 часов ago