Бу күннэргэ Алена Охлопкова бэрэссэдээтэллээх «Автоледи» түмсүү кэрэ аҥаардара Хабаровскайга тиийэн, Нам улууһуттан быстах хомуурга мобилизацияламмыт уолаттары көрсөн, биир дойдулаахтарыттан көмө туттардылар, алаадьынан күндүлээтилэр.
Ол курдук, Александр Тохтобин салайааччылаах Аппааны стрелковай спордун түмсүүтэ хомуйбут харчытыгар косынка, термонаскы, балаклава-мааска, эмп атыылаһан биэрдилэр.
Байыастар бэйэлэрин 186 тыһыынча солкуобай суумалаах харчыларынан берцы, наскы, балаклава-мааска, банаар, батарейка, камуфляжнай көстүүм, куурка, быа ылан тиэртилэр.
«Уолаттар биир дойдулаахтарын үтүө быһыыларыттан олус үөрдүлэр, санаалара көтөҕүлүннэ«, — диэн тимир көлөнү баһылаабыт уопсастыбаннай олоххо көхтөөх кыргыттар санааларын үллэстэллэр.
«Нам улууһа» МТ пресс- сулууспата
Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …