Сайыына Колодезникова, Тускуйана Игнатьева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Бүгүн, бэс ыйын 25 күнүгэр, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга волонтердуур Күннэй Попованы көрсөн кэпсэттибит.
— Үтүө күнүнэн! Ааккын-суолгун, хас саастааххын билиһиннэр эрэ? Волонтер быһыытынан “Азия оҕолоругар” тугу үлэлииргин сырдатыаҥ дуо?
— Күннэй диэммин, 16 саастаахпын. Мин дьону көрсөр эбээһинэстээхпин, холобур, остолубуойга киллэрэбин. Онно киириигэ хайаан даҕаны пропусктарын көрөбүн уонна аналлаах датчигынан бэрэбиэркэлиибин.
— Эн тоҕо волонтер буоларга санаммыккыный?
— 2016 сыллаахха “Азия оҕолоругар” сылдьыбытым, оттон 2024 сыллаахха буоларын истэн, волонтер быһыытынан үлэлээбит киһи диэн баҕа санаа киирбитэ.
— Волонтердар босхо, тус бэйэҕит баҕаҕытыттан үлэлиигит ду, биитэр туох эмит төлөбүр көрүллэр дуо?
— Волонтер үлэтэ нууччалыы эттэххэ, “безвозмездный труд”. Онон киһи бэйэтин баҕатыттан үлэлииргэ сананар диэххэ сөп.
— Волонтер үлэтэ төһө түбүктээх?
— Оттон, син үлэлээх эбит. Ол эрэн, ыарахан да, олус чэпчэки да диэн этэр кыаҕым суох. Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах буоллаҕа.
Сайыына Колодезникова, Тускуйана Игнатьева
Бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн ааҕааччыбыт, элбэх ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, ырыаһыт Ариан Федоров үүнэр 2026 сылы көрсө…
Өспөххө "Кубок знатоков наслега" бырайыак быйылгы оонньуута түмүктэннэ. Бу күн түөртүү киһилээх 6 хамаанда бары…
Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин, Саха сирин Бочуоттаах олохтооҕун, 101 саастаах Наум Трифонович Слепцову кэлэн…
Ыалдьыты былыр үөрэ-көтө айдааран көрсүбэттэр этэ. Хайдах киһи дьиэҕэ киирбитин дьиэлээх тойон ороҥҥо сытан тута…
Садын оройуонун (билиҥҥитэ Мииринэй) Ботуобуйа сирэ-дойдута былыр былыргыттан дьон аймах сөбүлээн олохсуйбут сирэ буолар. Олохтоохтор…
Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр "Уоттаах сэрии сылларыгар" кинигэ биһирэмэ…