Тыйыс айылҕалаах, ыарахан суоллаах-иистээх Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар сүөһүнү-сылгыны этэҥҥэ кыстатыы уустук уонна эппиэттээх соругунан буолар. Кыстыкка сөптөөх усулуобуйаны тэрийии, отунан, сүөһү аһылыгынан хааччыйыы үгүс үлэни, түбүгү эрэйэр.
Өрөспүүбүлүкэбит Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, 2022-2023 сыллааҕы кыстыкка 443,7 т аһылык көрүлүннэ, ол иһигэр 397,7 т от, 29,1 тыһ т сиилэс уонна 16,9 тыһ т сенаж. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ бары көрүҥнээх хаһаайыстыбаларыгар 230868 сүөһү иитиллэр, итинтэн 79290 ынах. 238769 сылгы баар. СӨ Ил Дарханын Айсен Николаев сорудаҕынан отторо кырыымчык улуустарга сүөһү эбии аһылыгын тиэрдэргэ сорудахтаммыта. Бу үлэ хайдах тэриллэн иһэрин туһунан билсиэҕиҥ.
Өлүөхүмэҕэ
Өлүөхүмэ улууһугар эбии аһылыгы уу суолун баттаһан, баарсанан тиэрдибиттэрэ. Өрүһүнэн тиэйии буолан, тохтобуллары хас да сиргэ оҥорбуттар. Онон өрүс таһынааҕы нэһилиэктэргэ сүөкүүргэ табыгастаах, ороскуота кыра буолан таҕыстаҕа. Ол курдук, баарса бастаан Өлүөхүмэҕэ, онтон Заречнайга тохтоон сүөкэммит. Бу Заречнайтан өрүс нөҥүө сытар 3 нэһилиэк ылбыт. Салгыы – Хороҕо уонна Саҥыйахтаахха.
– Ил Дархаммыт Айсен Николаев сорудаҕынан, отторо тиийбэт улуустарга сүөһү аһылыгын тиэрдэргэ сорудахтаммыта. Ону бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко Саҥа дьыл иннинэ аһылык сорҕотун тиэрдэргэ тиэтэппитэ. Уопсайа 140 т (уотурбаны, эбиэһи, гранулированнай оту) сайаапкалаабыппыт. Онон биһиэхэ Амуртан тиэллэн кэлэр сүөһү аһылыга алтынньы 5 күнүгэр кэлбитэ. “Якутоптторг” АУо (гендириэктэр Н.Алексеев) баарсатын ыытан, Өлүөхүмэни хааччыйда. Сып-сап түргэнник хамсанан, благовещенскайдары кытта дуогабар кэмигэр түһэрсиллибитэ көмөлөстө. Өлүөхүмэ улууһун 299 тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларыгар (бааһынай-пиэрмэр, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга, кэтэх ыалларга) уотурбаны ыллыбыт. Улахан кээмэйинэн Саҥыйахтаахха барда, онно “Саҥыйахтаахтааҕы” ТХПК баар. II Нөөрүктээйигэ – 19,40 т, Кыыллаахха – 18 т 200, Троицкайга – 15,76 т уо.д.а. Быһата, улууспут 19 нэһилиэгэ бу көмөнөн туһанна. Итилэртэн 3 нэһилиэк (Токо, Маача, Бэс Күөл сэлиэнньэлэрэ) өрүс турдаҕына, ылыаҕа, – диир Өлүөхүмэ улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Афанасий Антонов.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ таһаҕаһы илиинэн сүөкээбиттэр. Ону тэҥэ управление нэһилиэктэр баһылыктарын кытта кэпсэтэн, массыына биэрэннэр, уотурбаны тута тиэйбиттэр. Олохтоохтор эбии аһылык кэлэн, үөрүү бөҕөлөр. Онон өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар, Бырабыыталыстыбаҕа, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, тиэйиини хааччыйбыт “Якутоптторг” тэрилтэҕэ махтаналлар. Сүөһү аһылыгын иһин сорохтор 50-100 быр. төлөспүттэр, аны ТХМ түспүт сайаапканан, толуйуу кэлэрин күүтэллэр.
Чочуга, Чинэкэҕэ…
Бүлүү улууһугар уотурбаны нэһилиэктэринэн тарҕаттылар. Суоллаах-иистээх Илбэҥэ, Лөкөчөн, Дьөккөн, Бороҕон, Тыымпы, Хампа, Бөтүҥ, Чинэкэ, Өкүндү, Чочу нэһилиэктэригэр, Бүлүү к. массыынанан тиэрдилиннэ. Быйыл уотурбаны, эбиэһи, гранулированнай оту, битэмиин-минерал комплексын ыларга кубуота оҥоһуллубута. 998 т от тиэйиллиэхтээх. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Павел Иннокентьев эрэдээксийэҕэ иһитиннэрбитинэн, улуус дьаһалтата бэйэтэ 14 мөл. солк. үбү көрбүтүн бэлиэтиэххэ сөп. Ону тэҥэ ыксаллаах балаһыанньа биллэриллибит нэһилиэктэр дьаһалталара 200-400 тыһ. солк. бүддьүөттэригэр көрбүттэрин холобурдуубут.
Өлүөхүмэҕэ курдук, бүлүүлэр эмиэ айан суолун устун сытар нэһилиэктэринэн таарыйа түһэрэн аастылар. Ити табыгастаах ньыма буоллаҕа. Айылҕа үөскэппит күчүмэҕэйиттэн сылтаан сыл тахсар отторун 70 быр. бэлэмнээбит улуус хаһаайыстыбалара бэйэлэрин кыахтарынан 1800 т оту атыылаһарга дуогабардаспыттар уонна төлөһүөхтэрэ. Тиэрдиллибит эбии аһылыгы сыа-сым курдук үллэстибиттэр. Холобура, Бөтүҥ нэһилиэгэр 11 т кэлбититтэн 80 куулу “Бөтүҥ” ТХПК, уоннааҕытын чааһынайдарга түҥэппиттэр. “Бөтүҥ” кэпэрэтиибэ (О.Д.Федоров) 180 сүөһүтүгэр 300 т оту оттообут, эбии 150 т атыылаһыахтааҕа. Итинтэн 100 т ылбыттар (Хаҥаластан – 40 т, Хампаттан – 30 т, нэһилиэк иһиттэн – 30 т). Онон өссө 50 т оту көрдөһөллөр. Таарыйа аҕынахха, Хаҥаластан ылбыт 100 туоннаттан 60 т кэтэх ыалларга анаан ылыллыбыт. Онон сайын иккис аҥаарыгар ардаан, оттооһуҥҥа эрэйи көрсүбүт нэһилиэк этэҥҥэ сыл тахсар туһугар түбүгүрэр.
Горнайга
Горнай улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар уопсайа 500 тахса хаһаайыстыба концентрированнай аһылыгы ылыыга сайаапка түһэрбит. Ол эбэтэр 585 туоннаны атыылаһарга. Билиҥҥи туругунан, ити кээмэйтэн 95 т уотурба кэлбит.
– Алтынньы ый ортото “Якутоптторг” тэрилтэ Бэрдьигэстээххэ диэри тиэйэн аҕалбыта. Ону хаһаайыстыбаларбытыгар түҥэттибит. Уопсайа 208 хаһаайыстыба ылла. Аҕыс нэһилиэк оройуон кииниттэн тиэйдэ. Кэптиҥҥэ суол суох буолан, кыһыҥҥы суол аһылыннаҕына барыаҕа. Хаһаайыстыбаларга ороскуоттарын аҥаарын толуйууга СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үп ыыттаҕына, түҥэтиэхпит, – диэтэ Горнай улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мария Максимова.
Чурапчыга
Чурапчы улууһун эбии аһылыгынан Саҥа дьылга диэри толору хааччыйаары олороллорун туһунан “Якутоптторг” АУо атыылаһыыга уонна тиэйиигэ салайааччытын солбуйааччы А.П.Шестаков иһитиннэрдэ. Ол курдук, бу улуустан 1331 т эбии аһылыкка сайаапка киирбит. Бу улууска анаммыт эбии аһылык атыылаһыллан, тимир суолунан кыраапык быһыытынан айанныыр.
Алексей Петрович кэпсииринэн, тустаах тэрилтэ Барнаулга тиийэн гранулированнай от хайдах оҥоһулларын, бэлэмнэнэрин миэстэтигэр билсибит. Ол курдук, анаан үүннэриллэр (култуурунай ыһыы) оту уонна айылҕаҕа үүнэр оту тэҥ кээмэйинэн холбоон, иҥэмтиэлээх, туһалаах эбиликтэри эбэн, паарынан мээккэлээн, уотурба курдук гранулалары оҥорон таһаараллар эбит. Ону сүөһү кэбийэн сиир. Сайын Чурапчыга ыытыллыбыт мунньахха маннык оту ырыганнаан охтубут ынахха сиэтэн олус туһаммыттарын бэлиэтээбиттэр. Бу оту оҥорон таһаарыы саҥа көрүҥ буолан, кыра кээмэйинэн билиҥҥитэ оҥоһулла турар эбит. Инникитин кырыымчык дьылларга абыраллаах уонна туһалаах ас буолар чинчилээх.
Онон, түмүктээн эттэххэ, эбии аһылыгы атыылаһыы, тиэрдии үлэтэ бара турар. Улуустар, хаһаайыстыбалар уонна сүрүн операторынан буолар “Яутоптторг”биир сүрүннээхтик үлэлииллэр.
Хаартыскалары Өлүөхүмэ
тыатын хаһаайыстыбатын управлениета ыытта.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…