Баатаҕайга чөлүгэр түһэрии үлэтэ салҕанар

Баатаҕайга чөлүгэр түһэрии үлэтэ салҕанар

Ааптар:
23.02.2024, 14:17
Бөлөххө киир:

Дьааҥы улууһун Баатаҕайыгар  «Киин» хочуолунайга, ититэр ситимҥэ   саахал тахсыбытын туһунан  суруйбуппут. Бу сарсыарда  Дьокуускайтан  «Полярные авиалинии» АХ сөмөлүөтүнэн аварийнай  биригээдэ  Баатаҕайга көтөн тиийдэ.

Бу туһунан СӨ Суһал ыстаабыгар ОДьКХ миниистирэ   Вячеслав Емельянов иһитиннэрдэ.

Бөлөҕү ОДьКХ миниистирин солбуйааччы Сергей Киров салайар. Кинилэр 5 туонна матырыйаалы илтилэр.
«Киин» хочуолунай элбэх кыбартыыралаах  17 дьиэни уонна социальнай эбийиэктэри, ол иһигэр оскуоланы, уһуйааны сылааһынан хааччыйар.  Билигин туһааннаах дьиэлэринэн сылдьан температураны хас чаас ахсын кэрийэн  бэрэбиэркэлииллэр,  дьиэлэри  дизельнэй генератордар көмөлөрүнэн сылыталлар.
«Сүрүн сорук — ититэр ситимнэри өрүһүйүү, түргэнник ууну сүөкээһин этэ. Бу сорук ситиһилиннэ.  Билигин элбэх кыбартыыралаах икки дьиэни сылытыы хаалла. Бу манна батареялар алдьаммыттара. Маны таһынан  хочуолунайы өрөмүөннээһин салҕанар», — диэтэ  Вячеслав Емельянов.

Хочуолунайга билигин биэс хочуолтан үһэ үлэлиир. Төрдүс хочуолу өрөмүөннүүллэр. Суукка устата оҥорон үлэлэтэр былааннаахтар.

Улуус дьаһалтата СӨ Суһал ыстаабыгар иһитиннэрбитинэн, эвакопууҥҥа билигин икки киһи баар. Атыттар номнуо дьиэлэригэр барбыттар, сорохтор аймахтарыгар бааллар.

Оскуола  дистанционнай көрүҥҥэ көһүөҕэ. Оттон уһуйаан үлэтэ тохтотулунна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: