Бачча элбэх Тымныы Моруос оҕонньоттор ханна хаамтылар?
29.11.2024, 16:54
"Айыы кыһатын" оскуолатын бастакы кылаас тус архыыбыттан
Бөлөххө киир:
Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, Дьокуускай куорат «Айыы Кыһатын» бастакы кылааһын үөрэнээччилэрэ түннүгүнэн наһаа элбэх Тымныы Моруос оҕонньоттор хаамсан иһэллэрин көрөн үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттар.
Бу туһунан бастакы кылаас үөрэнээччитэ Күбэйэ маннык кэпсээтэ:
-Түннүгүнэн наһаа элбэх Тымныы Моруос оҕонньоттору көрдүбүт. Таҥаспытын, соммутун кэппиппит эбитэ буоллар эккирэтиэ эбиппит. Ханна эрэ наһаа элбэх бэлэҕи илдьэ бардылар быһыылаах, — диэтэ. Бачча элбэх «Моруостар» ханна хаампыттара буолуой?
+1
16
+1
+1
1
+1
1
+1
2
+1
1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: