Дархан Айсен Николаев уонна Сбербаан бэрэсидьиэнэ, Бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Герман Греф оскуола бэлиэ сэргэтин туруордулар
Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия 24», «Саха» НКИХ уонна «Тэтим» араадьыйанан быһа эпииргэ тахсан, сэтинньи түмүктэрин кэпсииригэр бу ый саҥатыгар Дьокуускай куоракка аһыллыбыт «Школы 21» кампуһун уратытын кэпсээтэ.
Сэтинньи 9 күнүгэр дойду үрдүнэн 6-с, Уһук Илиҥҥэ маҥнайгы маннык информирование оскуолата, Сбербаан көмөтүнэн тутуллан киирбитэ. Ил Дархан Айсен Николаев кылгас кэм иһигэр федеральнай бырайыагынан тутуллубут аныгы олоххо туһалаах оскуолаҕа ким баҕалаах уон хайысхаттан талан үөрэниэн сөбүн бэлиэтээн эттэ.
«Бу оскуола федеральнай бырайыагынан Сбербаан үбүлээһининэн тутулунна уонна дойду үрдүнэн алтыс буолар. Соторутааҕыта Сбербаан бырабылыанньатын бэрэссэдэтээлэ Герман Греф кэлэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Школы 21» кампуһун аспыппыт. Бу олох ураты оскуола буолар, манна 18-тан үөһээ саастаах дьон, ИТ-технология эйгэтигэр уон хайысханан буор-босхо үөрэнэр кыахтаннылар. Манна балтараа сылтан үс сылга диэри программированиеттан саҕалаан дизайҥҥа тиийэ үөрэниэхтэрэ», – диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, манна урукку үгэскэ олоҕурбут курдук буолбакка, атыннык, нэдиэлэҕэ сэттэ күн суукканы эргиччи, преподавателэ суох, компьютер көмөтүнэн үөрэниэхтэрэ. Үөрэнээччилэр номнуо сүүмэрдэнэн үөрэхтэрин саҕалыахтара.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …