Баҕаны тыыннаахтыы ыйыстыы көмөлөһөр дуу, суох дуу?

Share

«Баҕаны тыыннаахтыы ыйыстыы куртах-оһоҕос ыарыыларыгар чахчы көмөлөһөр дуу, суох дуу?», — диэн ыйытыкка Дьокуускай куорат гастроэнтеролог бырааһа хоруйдаата. Бу туһунан СИА суруйар.

Былыргы сахалар эмтэнэр ньымаларыгар сэллик буолбут киһиэхэ, куртах-оһоҕос ыарыыларыгар кыра баҕаны тыыннаахтыы ыйыһыннараллар эбэтэр эһэ сыатын сиэтэллэр диэн баар.  Ол курдук, тыыннаах баҕаны тыыннаахтыы ыйыһыннахха,  норуокка этиллэринэн, гастрит уонна куртах бааһын ыарыыларыгар туһалыыр диэн тарҕанар. Сорох дьон билиҥҥэ диэри бу ньыманы туһаналлар, ону ааһан социальнай ситимнэринэн сүбэ-ама оҥостон тарҕаталлар. Кинилэр этэллэринэн тыыннаах харамай бүрүйэр салахайа киһи куртаҕын бөҕөргөтөр уонна куртах баастарын эмтиир үһү. Бу ньыма төһө кырдьыктааҕын уонна чахчы киһи куртаҕар киирбит тыыннаах баҕа салгыы хайдах буоларын туһунан  гастроэнтеролог-быраас Парасковья Мекюрдянова кэпсээтэ.

Хаартыска: Парасковья Мекюрдянова

Парасковья Мекюрдянова ХИФУ мэдиссиинэ институтун 2007 сыллаахха бүтэрбитэ. 2012 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка гастроэнтеролог идэтигэр үөрэммит. Билигин Family Clinic дьиэ кэргэн мэдиссиинэ киинигэр  уонна «Pro здоровье» доруобуйа уонна киһи ыйааһынын уларытыы киинигэр гастроэнтеролог-бырааһынан үлэлиир.

«Мэдиссиинэ өттүттэн ылан көрдөххө, гастрит уонна куртах ыарыыларыгар тыыннаахтыы баҕаны ыйыстыы көмөлөспөт. Бу наукаҕа сыһыана суох норуот ньымата. Тыыннаах баҕа бастаах куртахха киирэн солянай кислотаҕа буһар, ол кэннэ салгыы оһоҕоско киирэн ферменнэр дьайыыларынан ситэри буһар», — диэн быраас быһаарар.

Мекюрдянова бэлиэтээбитинэн, гастрит ыарыы төрүөтүн булан, куртаҕы  чөлүгэр түһэрэр улахан суолталаах. «Куртах кислотнаһын намтатар эмтэри, гастропротектордары уонна наада буоллаҕына антибиотиктары иһэргэ сүбэлиибин. Ону таһынан диета тутуһар наадалаах. Гастрит көрүҥүттэн көрөн сөптөөх эмтэниини ааһыахха наада»,  — диир гастроэнтеролог-быраас.
What’s your Reaction?
+1
10
+1
8
+1
5
+1
0
+1
5
+1
5
+1
7

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

37 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago