ЯСИА хаартыската
Байанай сэргэтэ диэн баарын билэҕит дуо? Хаһан эмэ истибиккит дуо?
Байанай сэргэтэ диэн былыр ыраах бултуу барааччы туруорар сэргэтэ диэн суруллар. Маннык сэргэ Уус Алдан улууһугар II Суотту нэһилиэгин сиригэр Сэһэн Ардьакыап олорон ааспыт былыргы өтөҕүн омоонуттан көстүбүт.
Сэһэн Ардьакыап Дьиэрэ диэн алааска, илин баһыгар — Ойбон Күөлүгэр олорбута. Ити өтөхтөрүгэр кини араас суолталаах, тус-туһунан кэпсээннэрдээх сэргэлэри туруортаабыта үһү. Олортон биирдэстэрэ Байанай сэргэтэ буолар.
Былыр бултуу баралларыгар Байанай сэргэтигэр уот оттон, ас-үөл биэрэн, көрдөһөн бараллар эбит. Улаханнык бултуйан кэллэхтэринэ, ити сэргэлэригэр бэлэх биэрэллэрэ үһү.
Байанайдар ааттара:
Баай Байанай — хара тыа иччитэ.
Эрбэх Бэргэн — кырынаас байанайа.
Куралай Чүүччү — куобах байанайа.
Бэкин Бэргэн — тииҥ байанайа.
Сун Хаан — тайах байанайа.
Буор Буһарга Баатыр — эһэ байанайа.
Саар Таҥалай Оҕо — саһыл байанайа.
Саха ыалын халандаарыттан, 2025 с.
Сэргэлэр тустарынан өссө манна ааҕыахха сөп: https://sakha-sire.ru/sergeni-sergeemmin/,
https://sakha-sire.ru/ergerbit-emegirbit-tutuular-dylgalara/
Федеральнай хамыыһыйа «Бастыҥ муниципальнай практика – 2025» Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх кыайыылаахтарын биллэрдэ, кинилэр ахсааннарыгар Саха…
Саха сиригэр дьиэ кэргэҥҥэ атаҕастаныыттан сэрэтэр сокуону ылынарга этии киллэрдилэр. «Атаҕастаныыттан дьиэ кэргэн быраабын көмүскээһин»…
Үс уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт дьахталлар, сөптөөх үлэ ыстаастаах буоллахтарына, болдьоҕун иннинэ биэнсийэҕэ тахсар…
«Сосновай бор» оҕону сынньатар, чэбдигирдэр кииҥҥэ «Көлүөнэ уопута» симиэнэ улахан ситиһиилээхтик ыытылынна. Бу ураты бырайыак…
Страховка бааны ночооттон, оттон кирэдьиит ылааччыны – болдьоҕун аһарыыттан көмүскүүр. Холобур, кирэдьиит ылааччы ыараханнык ыалдьан…
Хотугу сахалар бу кэмҥэ бултууллар, ол иһин бу ыйы ох ыйа дииллэр. Олоҥхоттон сэтинньигэ уруу…