Байанай сэргэтэ

Share

Байанай сэргэтэ диэн баарын билэҕит дуо? Хаһан эмэ истибиккит дуо?

Байанай сэргэтэ диэн былыр ыраах бултуу барааччы туруорар сэргэтэ диэн суруллар. Маннык сэргэ Уус Алдан улууһугар II Суотту нэһилиэгин сиригэр Сэһэн Ардьакыап олорон ааспыт былыргы өтөҕүн омоонуттан көстүбүт.

Сэһэн Ардьакыап Дьиэрэ диэн алааска, илин баһыгар — Ойбон Күөлүгэр олорбута. Ити өтөхтөрүгэр кини араас суолталаах, тус-туһунан кэпсээннэрдээх сэргэлэри туруортаабыта үһү. Олортон биирдэстэрэ Байанай сэргэтэ буолар.

Былыр бултуу баралларыгар Байанай сэргэтигэр уот оттон, ас-үөл биэрэн, көрдөһөн бараллар эбит. Улаханнык бултуйан кэллэхтэринэ,  ити сэргэлэригэр бэлэх биэрэллэрэ үһү.

Байанайдар ааттара:

Баай Байанай — хара тыа иччитэ.

Эрбэх Бэргэн — кырынаас байанайа.

Куралай Чүүччү — куобах байанайа.

Бэкин Бэргэн — тииҥ байанайа.

Сун Хаан — тайах байанайа.

Буор Буһарга Баатыр — эһэ байанайа.

Саар Таҥалай Оҕо — саһыл байанайа.

Саха ыалын халандаарыттан,

«Айар» кинигэ кыһата, 2025 с.

Сэргэлэр тустарынан өссө манна ааҕыахха сөп: https://sakha-sire.ru/sergeni-sergeemmin/,

https://sakha-sire.ru/ergerbit-emegirbit-tutuular-dylgalara/

Recent Posts

  • Спорт
  • Уопсастыба

Түөлбэ үлэтинэн инники күөҥҥэ

Быйыл Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ "Эйэ" түөлбэ тэриллибитэ түөрт сылын туолла. Бу 4 сыл тухары биһиги…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ярослав Винокуров: «Ил Дархан олоххо көхтөөх дьону дьокутаакка эрдэттэн бэлэмнииргэ ыҥырда»

Өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин дэлэгээттэрин ортотугар ыччат дьокутаат  элбээн эрэрэ хайҕаллаах…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Венесуэлаҕа сэриини биллэрэртэн туттунна

Бу күннэргэ акыйаан уҥуор балаһыанньа сытыырхайан эрэр. АХШ бэрэсидьиэнэ Эмиэрикэ бобуутугар түбэспит танкердары Венесуэлаҕа киллэрбэппит-таһаарбаппыт,…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

СҮБЭҺИТ: САРСЫАРДА УҺУКТААТ

Чэгиэн-чэбдик буолуҥ! Сарсыарда уһуктаат маны оҥор. Этэллэринэн, бу эрчиллиилэр мэйии, харах быччыҥнарын сайыннараллар. 4-5 төгүл үөһэ-аллара,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: сорох улуустарга -53° кыраадыска тиийэ тымныйыа

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күн-дьыл туругун кэтээн көрөөччүлэр туох диллэрий? Арктика кытылынан сорох сиринэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

НЭДИЭЛЭТЭЭҔИ ГОРОСКОП: АХСЫННЬЫ 19 – 26 КҮННЭРЭ

Хой Бу нэдиэлэҕэ күүстээх Меркурий эн бэлиэҕэр төннүөҕэ. Ону кытта ситиһии, табыллыы, баҕа санаа туолуута…

3 часа ago